Сунтаар улууһун үөрэнээччилэрэ быйылгы үөрэх дьылыттан биир кэлим пуорманы кэтиэхтээхтэр. Бүгүн, балаҕан ыйын 20 күнүгэр, пуорма эбии кэлэн, Сунтаардааҕы ДЮСШ аактабай саалатыгар түҥэтиллэ турар. Бу кэлбит пуорма билиҥҥитэ Сунтаар нэһилиэгин оскуолаларын үөрэнээччилэригэр бэриллэр.
Пуорманы ылыы, тиксэрии туһунан «Туйгун» оскуола биир кэлим пуорматын оҥоруу технолога Марина Павлова кэпсиир:
– Билигин алын кылаас кыргыттарын, орто сүһүөх уонна улахан кылаас уолаттарын хомуһуоллара кэллилэр. Бүгүн 12 чаастан саҕалаан киэһэ 7 чааска диэри түҥэтэ турабыт. Үлэлиир төрөппүттэргэ табыгастаах буоллун диэн эбиэт кэмин уонна үлэ чааһын кэннэ кэми эмиэ хаптыбыт. Алын кылаас уолаттарын уонна улахан кылаас кыргыттарын пуормалара бу күннэргэ кэлиэхтэрэ. Оттон нэһилиэктэр оскуолаларыгар бэйэбит тиэрдиэхтээхпит. Сиринэн аҕалыллар буолан, пуормабыт итинник партиянан араарыллан кэлэр. Бу ыйга барыта түҥэтиллэн бүтүө диэн былаанныыбыт.
Пуорманы сорохтор кылааһынан, сорох төрөппүттэр бэйэлэрэ оҕолорун илдьэ кэлэн кэтэн көрөн ылаллар. Пуорма тигиллибит матырыйаалын астынан бэлиэтиир дьон үгүс. Уларыттан кэтэргэ иккилии пуорманы ылааччылар да бааллар.
Марфа ИВАНОВА.