Олунньу 13-14 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ «Хотугу норуоттар оонньуулара» диэн 6-7 саастаах оҕолорго күрэс буолан ааста. Манна уопсайа 18 араас уһуйаантан хамаандалар кытыннылар: Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Ньурбаттан, Сунтаартан, ол эбэтэр уопсайа 59 оҕо. Биһиги улууспутуттан «Туллукчаан» оҕо сайдар киинин бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Ол курдук түөрт көрүҥҥэ киирсэн уолаттар: Айхал Борисов — мээчиги быраҕан 1 үрдэл, 150 миэтирэни сүүрэн 3 үрдэл уонна уопсай түмүгүнэн 3 үрдэл аатын ылла. Александр Романов 242 наарта ыстанан 1 үрдэл. Онтон кыргыттарга Лилиана Игнатьева мээчиги быраҕан 2 үрдэл уонна уопсай түмүгүнэн 1 үрдэл аатын ылла. Роксана Иванова куобахтыы ыстанан 1 үрдэл, сүүрүүгэ 2 үрдэл, наарта ыстанан 3 үрдэл уонна уопсай түмүгүнэн 2 үрдэл аатын ылла. Оҕолору уонна тренер Юрий Васильевы ситиһиилэринэн истиҥник эҕэрдэлиибит!
Тускулаана Горохова-Кобельянова