Ыалдьааччы ахсаана аччаабат

Улуустааҕы киин балыыһа иһитиннэрэринэн, билиҥҥитэ ОРВИ-нан ыалдьааччы ахсаана аччаабат. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ улуус үрдүнэн уопсайа 278 киһи ыалдьан балыыһаҕа көрдөрүммүт. Олортон 225-һэ — оҕо. ОРВИ-нан ордук оҕолор ыалдьаллара бэлиэтэнэр. Ону таһынан 2 киһи ковидынан ыалдьыбыта бигэргэммит. Грипп А көрүҥүнэн — 1.
Манан сиэттэрэн ыарыы намырыы илигинэ дьон тоҕуоруһар сиригэр, бука диэн, харыстана, тымныыларга халыҥнык таҥна сылдьаргытыгар тустаах тэрилтэ үлэһиттэрэ сүбэлииллэр.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат

Читайте дальше