Бүтүн Арассыыйатааҕы Ыччат уонна оҕо хамсааһына ыытар сыаллаах-соруктаах, киэҥ хоннохтоох үлэтин улууспутугар Ыччат управлениета сүрүннүүр. Ол курдук ыччат отдела кэнники сылларга сүрүн болҕомтотун – үтүө дьыаланы оҥорууга – волонтердааһыҥҥа күүскэ уурар. 2020 сыл кулун тутарыттан улуус волонтердарын штабын тэрийэн үлэлэтэр. Сүрүн соругунан кыһалҕалаах, кыаммат, кырдьаҕас уонна уустук балаһыанньаҕа түбэспит олохтоохторго көмөнү оҥоруу буолар. Хамсык кэмигэр дьиэҕэ хаайтарбыттарга, доруобуйаларынан хааччахтаах кыаммат араҥаҕа, анал байыаннай дьайыыга сылдьааччылар дьиэ кэргэннэригэр, о.д.а. көмө аахсыйаларга ыччат волонтердар үгүс үлэни ыыппыттара.
Көхтөөх биир, үтүө санаанан салайтарбыт түмсүүлээх үлэлэрэ сыаналанан, быйыл муус устар ыйга Сунтаар ыччатын управлениета өрөспүүбүлүкэтээҕи “Доброволец Якутии” бириэмийэ «Волонтерский штаб года» диэн номинациятын кыайыылааҕа буолары ситиспитэ. Улуус үрдүнэн бүгүҥҥү туругунан 89 волонтер баар. Ыччат отдела салгыы волонтер этэрээттэрэ үксүүрүгэр көҕүлүүр үлэни ыытар, волонтер статуһун үрдэтэргэ үлэлиир.
Бүгүн биһиги Сунтаар улууһун дьаһалтатын Ыччат бэлиитикэтигэр отдела волонтердааһыҥҥа үлэтин сүрүннүүр исписэлииһэ Георгий Тимофеевы кытта кэпсэтэбит.
– Георгий Андреевич, бэйэҕин билиһиннэрэ түс эрэ?
– Быйылгыттан улуустааҕы Ыччат бэлиитикэтин отделыгар сүрүннүүр исписэлииһинэн ананан үлэлээн эрэбин. Бэйэм төрдүм Кутана. Уопсайа үс араас оскуолаҕа үөрэммитим. Күүкэй, Кутана, Кэмпэндээйи орто оскуолаларыгар. Оскуола кэннэ ХИФУ юридическай колледжын үөрэнэн бүтэрбитим. Үөрэнэр сылларбар “Түмэн” ыччат түмсүүтүн лидерэ этим, элбэх үлэ ыытыллара. Бу түмсүүгэ үлэлиир сылларбар Сунтаардааҕы Ыччат отделын салайааччыта Трофим Алексеевичтааҕы кытта билсэн, бииргэ үлэлэһиибитин саҕалаабыппыт. Үөрэхпин бүтэрэн баран манна Ыччат отделыгар сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлии кэллим.
– Ыччат отделыгар волонтер үлэтин сүрүннүүгүн. Ол туһунан кэпсии түс эрэ?
– Волонтердарбыт штабтара манна, ону сэргэ нэһилиэктэринэн бааллар. Суох нэһилиэктэргэ эмиэ кэлэр ыйтан тэрийэн саҕалыахтаахпыт. Нэһилиэктэр ыччаттарын кытта көрсүөхпүт. Күн аайы былаан оҥоробут, онтубутун отчуоттуубут. Бары биир санаанан түмсүүлээхтик үлэлиибит. Күүс үлэ өттүгэр көмөҕө наадыйар дьиэ кэргэннэргэ дьиэ ис-тас үлэтигэр субуотунньуктары ыыппыппыт. Били, оскуолаҕа сылдьан кылааһынан Тимуровксай үлэни оҥорорбут дии, оннук курдук хабааннаах үлэлэлэр тохтоон хаалбаттарын курдук сыаллаах-соруктаах маннык хамсааһыннары тиһигин быспакка ыытарга кыһаллабыт. Төһө сайаапка киирэринэн тахсабыт. Араастаах буолар. Ардыгар дьон биһиэхэ бэйэтэ тахсар, үксүн билэбит, кимнээх уустук балаһыанньалаахтарын, көмөҕө наадыйалларын.
– Субуотунньуктары таһынан араас аахсыйанан тэрээһиннэри оҥороҕут?
– Бу алтынньыга улууспутугар Төрөөбүт төрүт тыл сылыгар анаан улуустааҕы тэрээһини былаанныыбыт. Төрөөбүт тылбытыгар ыччат холобуругар нэһилиэнньэ болҕомтотун тардар сыаллаах-соруктаах сэргэх тэрээһин буолуо диэн күүтэбит.
– Сунтаар ыччата төһө көхтөөҕүй? Инники былааҥҥыт?
– Волонтердааһын туһунан эттэххэ, Сунтаар ыччата ити чааһыгар олус көхтөөх эбит. Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэҕэ анал ааты ылбыттара да ону көрдөрөр. Быйылгы былааннаах үлэбитин сырдатар буоллахха, субуотунньуктар баар буолуохтара. Ыччат түмсэн нэһилиэнньэҕэ араас хабааннаах көмөлөһөр үлэни ыытыахпыт. Сунтаар иһигэр эрэ буолбакка, нэһилиэктэринэн эмиэ үлэ барыа.
– Ыччат сааһа араастаһар. Эн көрдөххүнэ хайа көлүөнэ ордук көхтөөҕүй?
– Сааһыттан тутулуга суох көхтөөх өттө барыга бары кыттар. Ыччат ыйыллыбыт сааһыттан тахсыбыт саастаахтарга да биһигинниин наар үлэлэһэр көхтөөх дьон бааллар. Бу олус үчүгэй.
– Волонтердар чопчу баччабыт диэн этэр кыахтааххыт дуу?
– Билиҥҥитэ 89 волонтер баар. Бу уопсастыбаннай хамсааһын буолан, ким хаһан бириэмэлээҕинэн, табыгастаах кэмигэр кэлэн кыттар, бу хамсааһыҥҥа өрүү көхтөөх ыччаппыт элбэҕэ үөрдэр. Нэһилиэктэргэ баар ыччаттар эмиэ миэстэтигэр субуотунньугунан элбэх үлэни ыыталлар.
– Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?
– Ыччат отдела волонтердааһыҥҥа күүскэ үлэлэһэр былааннаахпыт. Улууспут ыччата бу үтүө дьыа
лаҕа маассабайдык кыттыһыа диэн эрэнэбит. Тус бэйэм манна олохсуйан, инникитин үлэлииргэ-хамсыырга сорук туруорунабын.
– Георгий, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтал буоллун, үлэҕэ-хамнаска ситиһиилэри!
Марфа ИВАНОВА.