Быйыл кыһыммыт халлаан сылааһыттан кэлиэхчэ кэлбэккэ, билигин даҕаны ситэри кыһыҥҥылыы тоҥорбокко турар. Инньэ гынан, өрүс хаайар кэмэ уһаан, кыһыҥҥы суол аһыллара уһуур чинчилээх. Ситэ тоҥо илик чараас мууска киирии баччаларга олус кутталлааҕын киһи үксэ билэр эрээри, туохтан эрэ кыһарыйтаран, сэрэҕи сүтэрии араас быһылааннарга тиэрдэрэ баар суол. Маныаха араас хабааннаах сэрэтэр үлэни нэһилиэнньэҕэ тустаах тэрилтэ үлэһиттэрэ сыллата ыыталлар. Быйылгы дьыл кэлиитэ хайдаҕын, суол-иис, мууска сэрэхтээх буолуу, о.д.а. тула Сунтаардааҕы ГИМС салайааччыта Владимир Прокопьевы кытта кэпсэтэбит.
– Владимир Николаевич, билиҥҥитэ өрүс суола хаайан, сиринэн сырыы тохтоон турар кэмигэр, өрүспүт, күөллэр туруулара хайдаҕый?
– Бу күннэргэ Сунтар-Устье өрүһү туоруур кыһыҥҥы суолу оҥорон саҕалыахтаахтар. Сыллата буоларын курдук, федеральнай суол аһыллыар диэри маҥнай утаа муниципальнай аһыллыа. Онно ирдэбил быһыытынан 22 сантиметртан халыҥ буоллаҕына, 4 туоннаҕа диэри тиэхиньикэ сырыыта көҥүллэниэ. Дьылбыт быйыл хойутаата. Ол эрээри хаар чараас буолан, муус халыҥыырыгар айылҕа бэйэтэ көмөлөһөр курдук. Халлааммыт сылааһын тутан турар, күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр билгэлээһиннэринэн, үс-хас күн тымныйан баран эмиэ сылыйыахтаах диэн. Кэлэр нэдиэлэҕэ төттөрү уонча кыраадыстарбыт төннүөхтээхтэр. Айылҕаҕа эрэнэн олорон хааллахпытына, сырыы-айан бытаарар, хааччахтанар кутталлаах. Инньэ гынан, нэһилиэнньэ сырыытын харгыстаабат курдук, мууһу халыҥатыы үлэтин сылын аайы кэмигэр ыыталлар.
– Баччаларга, муус халыҥыы илигинэ, эбэлэргэ киирии кутталлаах. Ону нэһилиэнньэҕэ тиэрдэргэ туох үлэ барарый?
– Муус чараас кэмигэр өйдөтөр, сэрэтэр үлэни өрүү ыытабыт: социальнай ситимнэринэн буоллун, нэһилиэктэр дьаһалталарынан, оскуолаларынан сылдьан буоллун. Билигин өрүс кытылыгар турар нэһилиэктэри кэрийэн саҕалаатыбыт. Баччаларга, бары да билэрбит курдук, муус аннынан балыктааһын – чороохтооһун, илимнээһин, күөллэргэ муҥха кэмэ. Ону кытта дьон кыһыҥҥы ууларын хааччынан улаханнык тымныйа илигинэ баттаһа муустарын ылаллар. Билигин муус чараас буолан сэрэхтээх. Былырыын баччаларга, хомойуох иһин, биир балыксыт ууга түспүтэ. Аны туран, халлаан эмискэ тымныйдаҕына, эбэтэр эмискэ сылыйдаҕына тааҥ тахсааччы. Онно эбии үөһээттэн уу ыыталлар. Муус хаһан да биир тэҥ халыҥ буола тоҥмот. Сириттэн көрөн халыҥа араастаһар, ол үөһээттэн омос көрүүгэ отой биллибэт. Холобур, хаар халыҥ сиригэр мууһа хаһан баҕарар чараас буолар. Бырамыысыланнас баар куораттарыгар хочуолунайдар эҥин уулара түһэр сиринэн уу тоҥон быстааччыта суох. Күөллэргэ хомус, талах үүммүт сиригэр уу эмиэ бытааннык тоҥор. Аны сиикэрик, чараас, эбэтэр муус хайа барбыт сирдэрэ хаар түстэҕинэ ордук кутталлаахтар – көстүбэттэр. Дьон муҥхалыы да, муус ыла да эбэҕэ киирдэҕинэ биир үксүн биир сири тэһэн көрөн баран “халыҥ эбит” диэн быһаараллар. Онтубут, ити этэн аһарбытым курдук, күөлгэ да, өрүскэ да муус биир тэҥ халыҥнаах буола тоҥмот. Киһини ортотунан 8-10 см халыҥнаах муус уйар диэн ыйыллар. Оттон балыксыттары, холобур, 3-4 киһилээх бөлөҕү, 10-тан тахса см уйар. Бураанынан сылдьыы 12-15 см көҥүллэнэр.
– Муус аннынан муҥхалааһыны саҕалыырга дьылыттан көрөн көҥүллээһин, хааччахтааһын диэн суох…
– Биһиги да, экология да өттүттэн хааччахтааһын суох. Хас биирдии саха киһитэ ис-иһиттэн муҥха кэмин кэтэһэр, собону сөбүлээн сиибит, мууспутун син биир хааччынабыт. Онон ити чааһыгар хааччах суох. Киһи бэйэтэ өйдөөн, баччаларга сэрэх буолуон наада. Улахан кыһалҕа суох буоллаҕына, билигин мууска киирэртэн туттунуохтаах. Ити чааһыгар нэһилиэктэр олохтоох дьаһалталарын баһылыктарын кытта өйдөтөр, сэрэтэр үлэлэри ыытабыт.
– Аны туран, дьыл баччатыгар ынахтар ууга түһүүлэрэ тахсааччы…
– Ааспыт бээтинсэҕэ Сунтаарга биир быһылаан буолан турар. Тумуһукаан өттүттэн өрүскэ уулуу киирбит үс сүөһү ууга түспүтэ. Сунтаарга сүөһүлээх ыал уруккуга холоотоххо отой аҕыйах. Былырыын эмиэ ити сиргэ ити ыал 5 сүөһүтэ ууга түһэн тураллар. Олортон 4-дэ таһаарбыт кэннэ бэйэлэрэ хааман тахсыбыттара. Биир кырдьаҕас ынах кыайан да турбат туруктааҕын массыынаҕа тиэйэн таһаарбыттара. Быйылгы түһээччи сүөһүлэри үөһэ баар ууну ыраастыыр ыстаансыйаҕа үлэлии сылдьар тыраахтар баар буолан, ону көрдөһөн, үһүөннэрин хомуоһунан тиэйэн таһаардыбыт. Итинник сыллата хатыланар буоллаҕына хаһаайын, сүөһүнү быстах кэмҥэ тулуйан, хаайан туран бэйэ уулатар курдук дьаһанара сөп этэ дии саныыбын. Ынах сылгы курдук түргэнник сиппэт, көрүүтэ да үгүс. Хас даҕаны сыл иитэн-улаатыннаран баран итинник быһымахха илии соттон хаалар кыһыылаах да буоллаҕа. Ынахтары быыһааһыҥҥа, былырыын да, быйыл да, үлэлээбит олохтоох баһаарынай сулууспаҕа улаханнык махтанабыт. Төгүрүк сууккаҕа үлэлиир сулууспа буоланнар, тутатына, түргэнник кэлэ охсон көмөнү оҥордулар.
Ити курдук муус алдьаныытыгар түбэһии, ууга түһүү курдук быһылааннар хатыламматаллар ханнык диигин да, сэрэхтээх буолууну өйдөөбөт дьон син биир бааллар. Өрүспүт турда да, тута туораан бараллар, хаартыскаҕа түһэрэ охсон онно-манна ыыталлар. Дьон үтүктүһэр, батысыһар идэлээхтэр. Ордук оҕолор. Оҕоҕо хаһан баҕарар улахан киһи холобурга сылдьарын умнуо суохха наада.
– Оҕо чараас мууска сэрэхтээх буоларыгар туох үлэ барарый?
– Оҕолорго өйдөтүү, сэрэтии үлэтин ыытарга үөрэҕирии салалтата күүскэ үлэлэһэр. Оскуолаларынан, уһуйааннарынан кылаас чаастарыгар, анал уруоктарга сылдьан киһи ууга түстэҕинэ, муус алдьаннаҕына хайдах быыһанары, быыһыырыы, төһө халыҥ муус киһини уйарын туһунан эҥин сэрэтэр үлэни ыытабыт. Оскуолалар күһүҥҥү, сааскы мууска сэрэхтээх буолуу кэмнэригэр эмиэ күүскэ үлэлииллэр, төрөппүттэр дьуһуурустубаларын тэрийэллэр. Ону сэргэ полиция, ДНД эмиэ рейдэ ыыталлар.
– Владимир Николаевич, быыс булан кэпсэппиккэр махтанабын, эппиэттээх үлэҕитигэр барыта этэҥҥэ буоллун!
Марфа ИВАНОВА