Биир үтүө күн, мин билэрбинэн, Сунтаар саамай көхтөөх аҕам саастаах олохтооҕун Владимир Гаврильевич Петрову көрсөн арааһы кэпсэттибит. Бу көрсөр түгэммэр кини элбэх хаартыска кыбыныылаах сылдьарын бэлиэтии көрбүтүм.
Владимир Гаврильевич күн солото суох, мэлдьи туох эрэ дьарыктаах буолар. Кэрэтик сааһырыы холобурун киниэхэ көрөбүн. Билигин да хараҕа уоттаах, олоҕу таптыыр, дьээбэлээх-хооболоох, элбэх кэпсээннээх. Кини бу күннэргэ 85 сааһын бэлиэтиир. Владимир Гаврильевич үөрүүлээх күнүн айаҥҥа көрсөр. Аҕам саастаахтар “Алгыс” бэтэрээннэр түмсүүлэрин кытта Амма дойдутугар Олоҥхо ыһыаҕар сырыттылар. Аҕам саастаах дьон эрчимнэриттэн киһи сөҕөр.
Бу сөбүлүү көрөр ытык кырдьаҕаһым дьиэтигэр ыҥыран ыалдьыттатта. Ыскааптан кичэллээхтик оҥоһуллубут фотоальбомун хостоон саһарбыт лиистэри улам-улам арыйан, олоҕун түгэннэриттэн кэпсээнин саҕалыыр: «Мин 1939 с. бэс ыйын 23 күнүгэр Аллыҥаҕа төрөөбүтүм. Оскуоланы Тойбохойго бүтэрбитим. Онтон 3 сыл ыанньыксытынан үлэлээн баран, Омскайдааҕы ветеринарнай институкка үөрэммитим. Үөрэхпин бүтэриэхпэр диэри Бочуот дуоскатыгар хаартыскам ыйанан турбута. Омскайга саха устудьуоннарын муһан араас биллэр-көстөр дьону кытта кэпсэтии тэрийэрим (хаартыскаҕа М.Г. Кропачевтуун көрсүһүү түгэнин кэпсиир). Миигиттэн үөһэ кууруска Сахабыт сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев үөрэнэрэ. (М.Е.Николаев эдэр сылдьан бииргэ гиирэ көтөҕүүтүнэн дьарыктана сылдьар хаартыскаларын көрдөрөр). Михаил Ефимович биһигиттэн таһыччы, уһулуччу өйдөөҕө, билиилээҕэ. Улахан салайааччы буола үүнэр тыыппалааҕа эдэр сааһыттан биллэрэ. Устудьуоннуур сылларбар худуоһунньук оформитель, культмассовик, матаһыыкыл, дьоҕус массыына суоппара, ону таһынан комбайнер идэлэрин баһылаабытым. Үөрэхпин бүтэрэн баран, «Бордоҥ», «Сунтаар» сопхуостарыгар сүрүн бырааһынан, Хадан отделениетын управляющайынан, сопхуос профкомун бэрэссэдээтэлинэн, партком сэкирэтээринэн, ветстанция кылаабынай бырааһынан, райком инструкторынан, учуот отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Партия эстибитин кэннэ Сунтаар ветлечебницатын, ветсанэкспертиза отделын сэбиэдиссэйдэринэн, инспекторынан үлэлээбитим. Уопсайа бэтэринээрийэ эйгэтигэр 26 сылбын анаабытым.
1976 с. Саха сиригэр бастакынан сүөһүлэргэ штамм-82 вакцинаны апробациятын аһардан, бруцеллезтан үтүөрдүбүт улахан ситиһиилээхпин. Ити уопуппун өрөспүүбүлүкэҕэ научнай эйгэҕэ иһитиннэрэн, үлэ уопута тарҕанарыгар төһүү күүс буолбутум (сурунаалтан ыстатыйаны көрөбүт)».
Бу курдук, улууһун тыатын хаһаайыстыбатыгар өҥөлөөх буолан биэрдэ бүгүҥҥү хаһыаппыт дьоруойа Владимир Гаврильевич. Бэйэтин кэмигэр Саха сирин бэтэринээрийэтин историятыгар бэлиэ суолу хаалларбыт киһинэн буолар.
Ол иһин Владимир Гаврильевичтыын уруккуну, хойуккуну эрэ буолбакка, билиҥҥи олох-дьаһах, ону тэҥэ саастаах дьон сүргэтин өрө көтөҕөр сүбэ-ама туһунан кэпсэтиибитин салгыы ааҕыҥ.
– Владимир Гаврильевич! 85 сааска диэри хайдах эн курдук эрчимнээхтик сылдьыахха сөбүй? Туох кистэлэҥнээххин?
– Махтал! Мин туспунан биир саамай сөбүлүүр хаһыатым сырдатарга санаммытыгар. “Сунтаар сонуннара” хаһыаты “Ильич уоттара” саҕаттан суруттарабын. Урукку сылларга бэйэм эмиэ хаһыакка уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан үлэлээбитим. Суруйарбын билигин да сөбүлүүбүн. Араас интэриэһинэйи көрдөхпүнэ күннүкпэр бэлиэтэнэбин, сурунабын. Онтон иэйиим киирдэҕинэ хоһоон да айыахпын сөп. Бэйэбин 85 саастаах оҕонньор курдук санаммаппын. Билигин даҕаны олоҕу таптыыбын, олоххо тардыһыылаахпын, күннэтэ саҥаны-сонуну билэргэ дьулуһабын. Күммүн сэрээккэттэн саҕалаабытым быданнаата. Эппин-хааммын эрчийдэхпинэ толкуйум түргэтиир, туттарым-хамнанарым тэтимирэр. Күннэтэ дьыалаларбынан сатыы хаама сылдьан элбэҕи ситиһэбин. Күннээҕи эрэсииммин тутуһабын. Туох да эбилигэ суох иҥэмтиэлээх аһы аһыыбын. Табах тардыбаппын, аһыы утаҕы сырса сылдьан амсайбаппын. Өй-мэйии үлэтин сайыннарар сканвордтары, таайбараҥнары таайарбын сөбүлүүбүн. Саҥа кинигэлэри сырса сылдьан ааҕабын. Бибилэтиэкэ аанын саппаппын. Бачча сааспар диэри олоҕу толору олордум дии санаабаппын. Өссө да билиэм-көрүөм баҕам элбэх. Саха сирин араас муннуктарын кэрийэбин. Бу саас “алгыстарбын” кытта Өлөөҥҥө тиийэ сырыттыбыт. Бу иннинэ Байкалга сылдьыбыппыт. Билигин даҕаны былаан элбэх.
– Альбомуҥ оҥоһуута ураты. Хас биирдии хаартыскаҥ олоҕуҥ бэлиэ түгэнин кытта сибээстээх. Хаһыаттан бэлиэтээһиннэри, суолталаах докумуоннаргын сыһыарбытыҥ альбомун ис хоһоонун ситэрэн биэрэр. Хоһоон тыллара ол саҕанааҕы туруккун арыйар курдук көрдүм.
– Сөпкө бэлиэтээн эттиҥ. Тэттик хоһооннору ханна эмэ түбэһэ көрдөхпүнэ сурунар киниискэбэр бэлиэтэнэр үгэстээхпин. Эбэтэр иэйиим киирдэҕинэ бэйэм айабын. Олоҕум бэлиэ түгэннэрин харайар альбомум үчүгэй оҥоһуулаах буоларын баҕарабын. Бу бэйэтэ туспа история буоллаҕа. Мин олоҕум кэпсээнэ. Билигин даҕаны төлөпүөнүм хаартыскатыгар бэлиэ эрэ түгэннэри хатыыбын. Бэчээттэтэн биэрэр эрэ буоллахпына хаартыскаҕа хатанабыт (күлэр). Бэйэм урут-уруккуттан саҥаны-сонуну олус сэргиибин. Билигин даҕаны саҥа тиэхиньикэни билэргэ, сатыырга талаһабын.
Бу альбоммар олоҕум ыар түгэннэрин эмиэ киллэрдим. Киһи олоҕо мэлдьи остуол ньуурун курдук көнө буолбатах. Түһүүлэрдээх-тахсыылардаах. Эдэр сааскар олоҕуҥ аргыһын, оҕолорум ийэлэрин, 2 ый иһигэр төрөппүт 3 уолгун сүтэрии бу ыар охсуу. Бу маннык хараҥа күннэртэн миигин үлэм быыһаабыта-абыраабыта диибин. Мэлдьи хамсана, үлэлии сылдьар буоламмын, өйбүн-санаабын үлэҕэ туһаайаммын ыар күннэри этэҥҥэ аһардыбытым. Хараҥа кэнниттэн күн тыгарын итэҕэйэбин. Олоххо оптимист көрүүлээхпин.
– Кырдьык ыар кэмнэри ааспыккын. Куһаҕаны санаабаппыт. Бэйэҥ этэргэр дылы олоххо үчүгэйи, сырдыгы эрэ түстүөххэ. Бириэмэни сөпкө туһаныы туһунан туох этиилээххин? Билигин даҕаны эн олох үөһүгэр сылдьаҕын. Дьарыгыҥ элбэх.
– Мин эдэр сааспар 7 оҕолоох огдообо хаалбытым. Оҕолорбун ыспакка, бэйэм көрөн-харайан киһи оҥортуохтаахпын диэн бигэ санааны ылыммытым. Үлэм кэнниттэн дьиэбэр тиэтэлинэн кэлэн оҕолорбун бэрийэбин, аһатабын, ол быыһыгар дьарыктыыбын, сынньалаҥнарын тэрийэбин. Кэмигэр төһө да ыараханын иһин, соҕотох аҕа олоҕун толору билбитим. Бу кэмнэргэ мин бириэмэни сөпкө туһанарга үөрэммитим буолуо. Онтон иккис ойохпун – олоҕум аргыһын Зинаида Ивановнаны көрсөн ыал буолбуппут (Зинаидалыын хаартыскаларын көрдөрөр). Тус-туспа майгылаах, санаалаах оҕолордоох киһиэхэ кэргэн тахсыы дьоруойдуу быһыыга тэҥнэбиллээх. Киниэхэ махталым муҥура суох. Билигин икки кэргэҥҥэ холбоон 9 оҕону харайан, үөрэттэрэн үлэһит, ыал оҥордубут. Билигин 17 сиэн, 18 хос сиэн тэнийдэ.
– Аҕам саастаах дьон дьарыга суохпут диэн олорон хаалаллар. Эн манна туох көрүүлээххин? Холобур, аҕам саастаах дьон сынньалаҥҥа тахсан баран 4 муннукка хаайтараллар.
– Мин 68 сааспын туолуом аҕыйах кэм хаалбытыгар үлэбэр сарбыйыыга түбэһиннэрэн кэбиспиттэрэ. Кырдьык, мин эмиэ соһуйбутум. Элбэх былааннаах, саҥа көрүүлэрдээх этим. Онтум эмискэ сотуллан хааллаҕа. Бэйэбин хомуна тутаммын дьиэ хаһаайыстыбатын сайыннарарга туруммутум. Урут үлэлии сылдьан сиппэтэхпин оҥорорго түһүннүм. Докумуон толоро, суруйар үөрүйэхпинэн дьиэм сүөһүтүн былаанын сурукка тиһэрим. Таблица, диаграмма оҥороммун сүөһүлэрбин былааннаахтык көрбүтүм. Дьиэ кэргэн экэниэмикэтин сүөһү көрөн тупсарарга диэн сорукпун ситиспитим. Эдэрим буоллар научнай үлэнэн дьарыктаныахтаах этим. Үөрэммит институппар научнай үлэнэн дьарыктан диэн этиилэрин дойдубар кэргэним, оҕолорум баар буолан аккаастаабытым. Ол эрэн, хотон усулуобуйатыгар ынахтан курдары оҕотун ылар уопуппун, оҕуһу сахалар ньымаларынан ууһатар уорганын эпэрээссийэлээн эмтээһин үөрүйэхпин үөрэммит институппар көрдөрөн турардаахпын.
Эдэр сааспыттан култуураҕа сыстаҕас буоламмын, бальнай үҥкүүнэн дьарыктанан саҕалаабытым. Аҕам саастаахтарга мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар үҥкүүһүппүн. “Үҥкүү хоруола”, “Диско хоруола” диэн ааттардаахпын. Арай быйыл сааһыртылар быһыылаах. Биһигиннээҕэр эдэрдэр үҥкүүгэ бэтэрээннэргэ кыайдылар (күлэр). Кинигэбин тэҥҥэ ырыам альбома тахсыбыта. Онон, биир үөлээннээхтэрим, үлэ кэнниттэн олох бүтэр диэн ыһыктынан хаалымаҥ. Биһиги сааспытыгар аралдьыйарбыт элбэх. Урут ыра санаа эрэ ымыыта курдук илдьэ сылдьыбыт баҕа санааларбытын олоххо киллэрэргэ дьулуһуохха.
Бу курдук бүппэт, элбэх кэпсээннээх буолан биэрдэ биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут. Владимир Гаврильевич курдук хараххыт уота уостубатын, олохтон кэрэни эрэ көрөргө дьулуһуҥ!
Мира АФАНАСЬЕВА