Владимир Павлов аатынан уулусса оҥоһуллуоҕа

Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов, МАУ «Сунтар» дириэктэрэ Вячеслав Семенов,  «Сунтарцеолит» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ, улуус мунньаҕын Сэбиэтин дьокутаата Петр Попов, «Сунтаравтодор» ХЭТ сүрүн үлэһитэ, улуус мунньаҕын Сэбиэтин дьокутаата Сергей Тен, «Сунтаравтодор» ХЭТ кылаабынай инженер эбээһинэһин толороччу Николай Жирков буолан быйыл өрөмүөн буолуохтаах Владимир Павлов аатынан уулуссаҕа Владимира Павлова үлэ кээмэйин, туох-ханнык хамсааһын ыытыллыахтааҕын быһаарыстылар.

 

Суол капитальнай өрөмүөнүн «Сунтаравтодор» ХЭТ дуогабар быһыытынан быйыл оҥорон бүтэрэргэ диэн буолла. Суол уопсай кээмэйэ 837 м., асфальтобетоннай бүрүөһүннэээх буолуоҕа.  Суол оҥоруутугар МАУ «Сунтар» уонна «Сунтарцеолит» ХЭТ үлэлэһиэхтэрэ. Бу күннэргэ бэлэмнэнии үлэтин саҕалыахтара

 «Сунтаар нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата

Читайте дальше