ВИЧ инфекция диэн туох ыарыытай?

ВИЧ (вирус иммунодефицита человека) — сыстыганнаах хроническай ыарыы буолар. СПИД киһи ыарыйдаҕына иммунитета суох буолар, ханнык баҕар ыарыыны утары охсуһар күүһэ сүтэр.

Бу иммунитеты сүтэрэр вирус киһиэхэ хайдах бэриллэрий?

Бастакытынан, ВИЧ положительнай статустаах ыарыһаҕы кытта харысхала суох сексуальнай сыһыантан.

Иккиһинэн, ВИЧ инфицированнай наркоман ыарыһаҕы кытта шприц иннэтин бииргэ туттар, клиникаҕа, лабораторияҕа бэрэбиэркэни ааспатах ВИЧ инфицированнай хааны ыарыһахха кутар түбэлтэҕэ, ол эбэтэр ВИЧ положительнай статуһа биллэ илик ыарыһахтан биир шприһынан манипуляция оҥорор түбэлтэҕэ доруобай киһи ВИЧ ыарыыга сыстар кыахтанар. Билигин доруобуйа харыстабылын тэрилтэтигэр донор хаана күүстээх бэрэбиэркэни ааһар, укуолга биирдэ туттуллар медицинскай шприцтары эрэ туһаныллар.

Үһүс сүрүн сыстар суол — бу ВИЧ инфицированнай төрөөрү сылдьар дьахтар кэлиэхтээх оҕотугар сыһыарыан сөп.

 Бу ыарыыттан хайдах харыстаныахха сөбүй?

—  Дьиэ кэргэн иһигэр эр-ойох сыһыаннара ыраас буолуон наада, бэйэ-бэйэҕэ бэриниилээх. Өскөтүн туора киһини кытары половой сибээс баар түгэнигэр, СПИД ыарыыттан уонна атын венерическай ыарыыттан харыстанар курдук, презервативы хайаан да туттуллуохтаах.

— Наркотигы хаһан даҕаны боруобалаамаҥ!

—  Тыа усулуобуйатыгар аныгы үйэҕэ билигин  өҥөнү оҥоруу эйгэтэ сайдан, тыҥырах, кыламан, хаас оҥорор салоннар, парикмахердар — чааһынай урбаанньыттар элбээтилэр, онно барытыгар биирдэ туттуллар, стерильнай инструмент баар буолуохтаах, элбэхтик туттуллар инструменнара стандартка, ирдэбилгэ барытыгар эппиэттиир курдук дьаһанан үлэлииллэрэ тоҕоостоох.

ВИЧ-ыарыы хайдах бэриллибэтий?

ВИЧ-инфицированнай ыарыһах күннээҕи олоххо туттар тэрилин таарыйдахха, биир туалекка, душка сылдьартан, илии тутустахха, бассейҥа, биир дьиэҕэ олорортон сыстыбат.

Ыарыһах маҥнай бэйэтин ВИЧ положительнай статуһун анализ нөҥүө медицинскай үлэһиттэн, инфекционистан истэр. Киниэхэ  өйдөтөр кэпсэтии барар, өссө эбии чинчийии, олоҕун устата салҕанар антиретровируснай терапия ананар. СӨ СПИД-киин хамыыһыйатын быһаарыытынан, босхо эминэн тохтоло суох хааччыллар.

Ыарыһахтан ирдэнии: уһун эмтэниигэ бэлэм буолара, инфекционист быраас этэрин истиэхтээх, толоруохтаах, диспансеризацияны кэмигэр ааһан иһиэхтээх. Ыарыһах дьиэ кэргэнэ эмиэ тохтобула суох кэтэбилгэ  — диспансеризацияҕа ылыллар. Биһиги сыалбыт-сорукпут -дьиэ кэргэн иһигэр сутуллуу суох буоларын, доруобай оҕо төрүүрүн ситиһии.

Биһиэхэ, Сунтаар улууһугар, ВИЧ-инфицированнай ыарыһахтар учуокка тураллар, тыа улууһа диэтэххэ, ыарыһах ахсаана элбэх уонна билигин даҕаны эбиллэ турар. Ол иһигэр официальнай учуокка ылыллыбыта, диспансеризация ааһар ыарыһаҕа, киһи дьиксинэрэ, биир гыммыт үһэ.

СПИД -кииҥҥэ хаһан эрэ ВИЧ-статустара положительнай диэн кэлбит ыарыһахтартан түмүгэр, көрдөрүнэн эмтэнии ылааччыта аҕыйах. Бу аата «вершина айсберга» эрэ көстөр биһиги харахпытыгар, онтон дьиҥнээхтик төһө киһи сутуллан, биллибэккэ ыалдьа сылдьара биллибэт.

Онон түмүкпэр этиэм этэ, ким баҕалаах, анонимнай даҕаны, Сунтаар балыыһатыгар СПИД-кииҥҥэ тиийэн оноһуллар анаалыстары туттарыан сөп.

Билигин бу кэккэ сыллартан бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ медицинскай көрүүнү (осмотр) ааһалларыгар бары ВИЧ-анаалыс туттараллар. Оттон буоларын курдук, үлэлээбэт нэһилиэнньэ бу анаалыһы бэйэтэ кэлэн туттарбатаҕына, чинчийиини ааспат. Ыарыһахтары кытары ыкса үлэлиир быраастар инфекционистар буолабыт, поликлиникаҕа кэлэн суруттаран эрдэттэн көрдөрүнүөххүтүн сөп.

ВИЧ-инфицированнай ыарыы, атын даҕаны хроническай ыарыылар курдук эмтэнэр, ирдэбилэ күүстээх, ыарыһах олоҕун хаачыстыбатын тупсарар.

Евдокия КИРИЛЛИНА, Сунтаар киин балыыһатын инфекционист бырааһа 

Читайте дальше