Ыччат управлениетын тэрээһининэн сылын аайы ыытыллар улуустааҕы “Вам вызов!” ыччат слета кулун тутартан ыытылла турар. Быйылгы слет улууска биллэриллибит Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылыгар туһуланна. Ол курдук, кулун тутар 2 күнүгэр бастакы тэрээһин – аҕыйах нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэргэ – Туойдаахха буолан ааста. Манна Илимниир, Хадан, Туойдаах, Күүкэй, Устье нэһилиэктэрин ыччата – барыта 33 кыттааччы кэлэн, бырайыактааһыҥҥа тренини ааста. Мустубут ыччат 4 хамаандаҕа арахсан граннарга кыттар бырайыагы толкуйдаан көмүскээтилэр. Ол кэннэ тэрээһин чэрчитинэн аҕам саастаах ыалларга мастарын хайытан, хаардарын сарайтан түһэрэн, таһан волонтердуу көмөнү оҥордулар.
Салгыы иккис тэрээһин кулун тутар 6 күнүгэр Кэмпэндээйи, Дьаархан, Түбэй-Дьаархан, Бүлүүчээн ыччаттарын Кэмпэндээйитээҕи “Сайдыы” култуура киинин саҥа дьиэтигэр түмтэ. Манна эмиэ бырайыактааһыҥҥа тренинг, хамаанданан күрэс буолла. Бу тэрээһиҥҥэ бырайыагы оҥорууга эксперт быһыытынан IT-киин салайааччыта Петр Николаев үлэлээтэ. Салгыы Туойдаах талааннаах ыччата Дмитрий Попов төрүт муусука үстүрүмүөннэригэр – кырыымпаҕа уонна чуһуурбаҕа, оонньуурга маастар кылааһы ыытта. Маны сэргэ мустубут ыччат Сунтаардааҕы СӨ психологияҕа киинин социальнай педагога Алена Павлова уйулҕа тренинигэр сырыттылар. Бу күн аҕам саастаах 6 ыалга волонтерскай көмө оҥоһулунна. Бу икки нэһилиэккэ ыытыллыбыт ыччат слетугар талааннаах ыччат күүһүнэн бэрт сэргэх эҕэрдэ кэнсиэрдэр буолбуттарын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Слет улахан нэһилиэктэргэ тэрээһинэ кулун тутар 9 күнүгэр Тойбохойго ыытыллыа.
“Сунтаар сонуннара” хаһыат