Ыам ыйын 29 күнүгэр «Алмаз» стадиоҥҥа Саха өрөспүүбүлүкэтин оҕунан ытыы успуордун маастарыгар кандидат, култуура туйгуна, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн» хаһаайына Валерий Коротов үтүɵ аатын үйэтитэн улуустааҕы оҕунан ытыы күрэһэ ыытылынна. Уопсайа 73
кыттааччы 9 нэһилиэктэн төрүт оҕунан ытыыга күрэхтэстилэр. Артем Яковлев оҕунан ытыы федерациятын бэрэссэдээтэлэ: «Быйылгы күрэххэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх кыттааччы баар. Кэлиҥҥи сылларга улууска төрүт оҕунан ытыы көрүҥэ сайынна. Оҕунан ытааччыларбыт араас күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Элбэх нэһилиэк бу көрүҥүнэн дьарыктанар буолла».
Күрэхтэһиигэ кыттааччылар 8 бөлөххө арахсан оҕунан куобаҕы, куһу, тииҥи ыттылар. Түмүккэ, бастыҥ кыраҕы харахтаахтарынан эр дьоҥҥо муҥутуур кыайыылааҕынан Юрий Васильев, дьахталларга муҥутуур кыайыылааҕынан Наталия Федорова буоллулар. Дыгын оонньуутугар кыттаары бэлэмнэнэр Тимофей Большаков, Алексей Соколов бу күрэххэ эмиэ ситиһиилээхтик кытыннылар. Кутана нэһилиэгиттэн Трофяновтар дьиэ кэргэнинэн оҕунан ыттыыга кыттан элбэх сэҥээриини ыллылар.
Валерий Коротов дьиэ кэргэнэ, тэрийээччилэр күрэххэ көмөлөспүт успуонсардарга махталларын биллэрэллэр. Кэлэр сылларга Валерий Коротов аатынан төрүт оҕунан ытыы күрэҕин өрөспүүбүлүкэ таһымнаах оҥоруохха диэн этии киллэрдилэр.
Мира АФАНАСЬЕВА