Бары да көрө-билэ сылдьабыт бу күннэргэ Сунтаар нэһилиэгин уулуссаларыгар ыт олус элбээбитин. Сатыы сылдьар дьоҥҥо, ордук кыра оҕоҕо, кырдьаҕаска куттал.

Бу аҕыйах хонуктааҕыта Чульмаҥҥа биир кыысчааны ыттар тутаннар, оҕо барахсан суорума суолламмытын өрөспүүбүлүкэ дьоно аймана, курутуйа иһиттибит. Дьэ, иэдээн дии… Ыкка ытыттарыы, ыттан доруобуйаларыгар улахан эчэйиини ылбыт элбэх.

Дьиэ кыылын, чуолаан ыты иитээччилэргэ мэлдьи өйдөтүү үлэтэ барар да, тоҕо эрэ кыаллыбат боппуруос буолла. Өссө сорох дьон «дьону үрдүн, баайбытын-дуолбутун харабынайдаатын диэн ииттэбит, мин тоҕо ыппын баайан туруохтаахпыный» диэн олуонатык этэллэрин тустаах уорганнар үлэһиттэриттэн эт кулгаахпынан истэммин олус да соһуйдум, хомойдум. Ыт киһи доҕоро, ол эрээри кини бастатан туран — кыыл.

Ыты иитэр дьон бэйэлэрин эппиэтинэстэригэр ылан, сөптөөх усулуобуйаны тэрийэн, олбуор иһигэр иитиэхтээхтэрин тоҕо умналларый? «Мин ытым ытырбат» диэччилэр эмиэ бааллар. Ол тоҕо хаһаайынын ытырыай? Уулуссаҕа мээнэ сылдьан дьоҥҥо боотургууллара биллэр буоллаҕа. Элбэх кыбартыыралаах дьиэ сорох олохтоохторо тыһы ыты иитэллэрин эмиэ киһи өйдөөбөт. Өскөтүн эн ыты иитэр буоллаххына дьиэ иһигэр дуу, анал миэстэҕэ баайан дуу туруоруоххун сөп этэ буоллаҕа. Ону хантан, биһиги дьоммут оннук гымматтар, босхо сырытыннараллар. Ол тыһы ыкка үгүс ахсааннаах араас боруода ыт мустар. Оҕо-кырдьаҕас таһырдьа мэнээктээбэт үлүгэрэ буолар. Бөх тоҕо тахсарга да улахан сэбилэниилээх тахсар буоллубут.

Уопсайынан, дьиэ кыылын —  ыты да, куосканы да иитиигэ биһиги эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспат дьоммут. Маны кыһын буоллаҕына, ордук уопсай дьиэ олохтоохторо билэллэр. Ол курдук, подъезтарга ыт, куоска оҕолорун дьааһыктаан аҕалан уураллар. Бу быраҕыллыбыт дьиэ кыыллара барахсаттар төһөлөөх эрэйи көрөллөрө буолуой? Быраҕыллыбыт кыылы уопсай олохтоохторо тоҕо барыларын ылан иитиэхтэрэй, хайдах аҕалыллыбыттарын курдук, коридор олохтооҕо буолан, ааһан иһээччи тэбиитигэр, охсуутугар, кырыы харах көрүүтүгэр түбэһэллэр уонна маннык дьылҕаламмыттарыгар хаһаайыттарын буруйдуу санаахтыыллара буолуо ээ…

Доҕоттоор, дьиэҕэ иитэ ылбыт кыылларгытыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаһар кэм уолдьаста буолбаат. Ыты ытырбат диэн матыыптаан босхо ыытан кэбиһэн, тулалыыр дьоҥҥутугар кутталы, эрэйи үөскэтимэҥ, бэйэҕитигэр да  кыһалҕаны эбинимэҥ!

Манна даҕатан эттэххэ, сарсын, алтынньы 16 күнүгэр күнүс 17 чаастан «Партизан» НАТК-гэр дьиэ кыылын иитии, тутуу боппуруоһугар улахан сугулаан буоларын өссө төгүл санатабыт. Ыты, уопсайынан дьиэ кыылын иитии тула киэҥ кэпсэтиини Сунтаар нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата тэрийэр. Манна улуустааҕы бэтэринээринэй сулууспа үлэһиттэрэ, оройуон прокуратуратыттан, о.д.а. кыттыахтара, эһиги мунаарар боппуруостаргытыгар сөптөөх эппиэти биэриэхтэрэ.

Сунтаар нэһилиэгин олохтоохторо, сугулааҥҥа көхтөөхтүк кыттан, санааҕытын сайа этиниҥ, туруорсуугутун толоруллар гына тириэрдиҥ!

Яина ВЛАСЬЕВА

 

Читайте дальше