Уу суолунан сөптөөх таһаҕас кэллэ

Сунтаар улууһугар сайыҥҥы навигация кэмигэр уунан таһаҕас тиэммит элбэх баржа кэлэн сүөкэммитэ.  Ол курдук, сүрүннээн тутуу матырыйаалын аҕалаллар. Урбаанньыттар бородуукта, күннээҕи табаардары эмиэ аҕалтараллар.

Тутууну ыытар бэдэрээтчиктэр этэллэринэн, сайыҥҥы навигациянан сөптөөх тутуу матырыйааллара кэллилэр. Онон кыһыҥҥы суол аһыллыар диэри хааччыллан олоробут дииллэр.

Ону сэргэ танкердар сайыҥҥы кэмҥэ уматык аҕалан нефтебазаҕа сүөкэннилэр.

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ