Ыйтан эрэ ордугунан дойдубут аҕа баһылыгын, Президеммитин быыбардыахпыт. Президент быыбара, биллэн турар, дойду сүрүн политическай түгэнинэн буолар. Быйылгы 2024 сыллааҕы быыбар суолтата, оруола хаһааҥҥытааҕар даҕаны үрдүк. Ураты быыбар. Тоҕо?

Хомойуох иһин, туруктаах, инникини чарапчыланан көрөр кэмҥэ олорбоппут. Планета үрдүнэн эргиччи дьулусхан уларыйыылар буола тураллар. Оттон саҥалыы историяҕа дойдубут олоҕо маннык курдук уустук, дьылҕа быһаарыллар кэрдиис кэмигэр өссө түбэһэ, үктэнэ илигэ. Буолаары турар быыбар итинник кэмҥэ түбэһиитэ, сүрүн уратыта итиннэ сытар.

Кимнээх кыттыыны ылыахтарай?

Российскай Федерация Президенин быыбара кулун тутар 15, 16, 17 күннэригэр ыытыллыаҕа. Маннык таһымнаах быыбар аан бастаан үс күн устата ыытыллыаҕа.

Россия Президенин быыбарыгар кимнээх кыттыахтарын сөбүй? Отут биэс саастарыттан үөһээ саастаах урукку өттүгэр сууттана сылдьыбатах хайа баҕарар киһи быыбарга кыттыыны ылар толору бырааптаах.

Дойду Президенигэр кандидат буолар туһугар төһө илии баттааһына хомуллара нааданый? Бэйэлэрин бэйэлэрэ туруоруммут дьон 300 тыһыынча, парламеҥҥа киирбэтэх партиялартан кандидаттар 100 тыһыынча илии баттааһынын хомуйуохтаахтар. Кинилэр докумуоннарын уонна илии баттааһыннары тохсунньу 31 күнүгэр киэһэ 18 чааска диэри Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа туттарыахтаахтар. Ити докумуоннар уон күн иһинэн бэрэбиэркэни ааһаллар. Онон олунньу 10 күнүгэр Российскай Федерация Президенин быыбарыгар чопчу ханнык кандидаттар кытталлара биллиэҕэ.

Тохсунньу 31 күнүгэр Киин быыбардыыр хамыыһыйа дойду Президенин быыбарыгар кыттыан баҕалаах дьонтон докумуоннары уонна илии баттааһыннары тутууну түмүктээбитэ.

Сүрүн сорукпут тугуй?

Буолаары турар быыбарга сүрүн сорукпут тугуй? Кулун тутар 15-17 күннэригэр буолуохтаах дойду Президенин быыбарыгар Россия олохтоохторо, быыбардааччылара хаһааҥҥытааҕар да түмсүүлээхпитин, сомоҕолоһуулаахпытын көрдөрүөхтээхпит. Быыбарга дьон-сэргэ актыыбынайдык кыттыахтарын наада. Куоластыырга толору усулуобуйа тэрилиннэ. Тохсунньу 29 күнүттэн саҕалаан «Мобильный избиратель» диэн механизмынан быыбардааччы сайабылыанньа биэрэн, кини ол кэмҥэ ханна баар сиригэр быыбардыыр бырааптааҕын санатабын. Быыбар хаамыытын атын тас дойдулар кыраҕатык кэтии-маныы олороллор.

Дойдубутун араас өттүттэн ыга, мөлтөтө сатыыр кэмҥэ бөдөҥ суолталаах быыбары, бары өттүттэн киирэн, мэһэйдии, ыһа-тоҕо сатыахтара. Ордук ыччат өйүн-санаатын булкуйарга дьулуһуохтара. Онно киирэн биэримиэхпитин наадалаах.

Киин быыбардыыр хамыыһыйа салайааччыта Элла Памфилова: «Буолаары турар быыбары ыһарга анаан, бастатан туран, АХШ уонна арҕаа дойдулар үп-харчы көрөн олороллор», — диэн эппитэ.

Ааспыт 2018 сыллааҕы Российскай Федерация Президенин быыбарыгар үгүс ыччат өйүн-санаатын булкуйбут блогер кытта сатааһына да, биһиги дойдубут олоҕор-дьаһаҕар Америка, арҕаа дойдулар орооһо сатыылларын көрдөрөр. Урукку өттүгэр ити судаарыстыбалар биһиги дойдуга дьайыыларын үгүстэр өйдөөбөт этилэр. Онон кинилэр угаайыларыгар киирэн биэрии элбэҕэ. Билигин дьон-сэргэ өйдөөтө.

Дьэ маннык уустук кэмҥэ ханнык баҕарар судаарыстыба, судаарыстыба эрэ буолуо, бүтүн сир ийэ сирдьит буолар күүстээх лидергэ наадыйара, биллэн турар.

Үүммүт 2024 сыл – политическай өттүнэн аан дойдуга ураты сыл. Барыта 64 дойдуга быыбар ыытыллыаҕа. Быыбар хампаанньалара планета олохтоохторун аҥаарын таарыйыаҕа. Россияны таһынан президент быыбардара АХШ-гар, Мексикаҕа, Индонезияҕа, Венесуэлаҕа, Азербайджаҥҥа, Грузияҕа уонна Молдавияҕа барыахтара. Маны таһынан Европарламент быыбара буолуоҕа.

 

Людмила НОГОВИЦЫНА

Читайте дальше