Сэрии ыар сылларыгар саха киһитэ хаһан да харахтаабатах дойдутугар тиийэ сылдьан, бэйэтин биир дойдулаахтарын көрсүүтэ – саамай үөрүүлээх кэмнэрин туһунан олус сылаастык ахтан кэпсииллэрэ элбэхтик суруллубута. Сэрии бэтэрээнэ, Ленинград блокадатын босхолоспут, бойобуой Кыһыл Сулус уордьан, элбэх бойобуой мэтээл кавалера, офицер, учуутал, ытыктыыр таайым Трофим Николаевич Жирковка оннук истиҥ ахтыылар эмиэ бааллар.
Кини сэрии фронун устатын тухары саха сирэйдээх киһини көрөн, сахалыы кэпсэтэ сатаабыт үгүс түгэннээҕин, олортон саамай өйдөөн хаалбытын ахтыытыгар кэпсээбит.
642-с стрелковай полкаҕа комсорунан ананан тиийээт, батальон штабын көрдүү сылдьан, миинэ дьааһыктарын таһа сылдьар биир саллааттан батальон штаба ханан баарын нууччалыы ыйыппытыгар, саллаата отой да уу сахалыы: «Хайа, бу Тэрэппииҥҥин дуо?» – диэбит. Өйдөөн көрбүтэ, биир дойдулааҕа Сунтаар уола, уруккуттан атаһа Алексей Насыров буолан биэрбит. Ахтылҕаннарын таһааран, ирэ-хоро сахалыы кэпсэтэн астыммыттар.
Трофим Николаевич аны иккистээн бааһыран, госпитальтан тахсан, атын чааска ананан баран иһэн, саллааттар колоннанан ааһан иһэллэрин көрөн, баҕар биир эмэ саха көстүө диэн, тохтоон көрөн турбут. Арай колоннаҕа тоһоҕо төбөтүгэр тимирдээх мастаах саллаат (сапер эбит) ааһан иһэрин көрөн, “Сахаҕын дуо” диэбитигэр, киһитэ эргиллэн, хайыһа түспүтэ – Элгээйи учуутала Игнатьев Иван Степанович буолан биэрэн, үөрүү үлүскэнин билбит. Син добуочча кэпсэтэн баран, Уйбаана колоннатын сырса, ситэр инибин диэн сүүрэ турбутун, харахпар көстүбэт буолуор диэр көрөн турбутум диэбит.
Үһүс умнуллубат көрсүһүүтэ Ригаҕа буолбут. Трофим Николаевич үгэһинэн биир эмэ саха киһитэ баара буолуо дуо диэн, сураспытыгар, ол Саха сириттэн сылдьар киһи диэн нуучча оҕонньорун ыйан көрдөрбүттэр. Ону тиийэн, сахалыы билэҕин дуо диэбитигэр киһитэ “маала маала сахалыы саҥар баар” диэбитигэр үөрбүтүн умнубатаҕым диэбит. Оҕонньор Яныгин Иннокентий Никандрович диэн эбит. Сэрии кэнниттэн булсан, ыалдьыттаһан турардаахтар эбит.
Өссө Эстония сиригэр сылдьан аатырбыт пулеметчиги Бүлүү Лөкөчөөнүттэн сылдьар ефрейтор Евсеев Семен Александровичтыын, биир күнү быһа кэриэтэ арааһы кэпсэппиттэрин, сэһэргэспиттэрин ахтыбыт.
Саамай интэриэһинэйэ диэн уоттаах сэрии хонуутугар көрсүтэлээбит, хорсун-хоодуот саха саллааттара эргиллэн кэлэн, эйэлээх олоххо олорон, үлэ бөҕөтүн үлэлээн, хойуккааҥҥа диэри билсэ турбуттара .
Төрөөбүт дойду, төрөөбүт тыл минньигэһэ ыраах, араас дойдуларга саамай күндү, ахтылҕаннаах буоларын Трофим Николаевич ахтыыларыттан ааҕан билэбит.
Таайым, сэрии актыыбынай кыттыылааҕа, офицер, учуутал Трофим Николаевич Жирков уһуннук, дьоллоохтук, сиэрдээхтик олорон, 100 сааһын аһардан баран күн сириттэн күрэммитэ. Оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ бойобуой комсорг, офицер эһээлэринэн киэн тутталлар, аатын ааттаталлар.
Ахтыылартан бэчээккэ бэлэмнээтэ Татьяна МИХАЙЛОВА