«Уонна хаһан?…» айан үтүө санаа аахсыйата

Алтынньы 8 күнүгэр, Аллыҥа нэһилиэгин аҕам саастаахтара, ый устата ыытыллар «Уонна хаһан?…» тэрээһин иитинэн улуус килбэйэр киинигэр С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр уонна түмэлигэр күндү ыалдьыт буоллулар.
Аллыҥа нэһилиэгин култуура киинин көҕүлээһининэн, ыччат лидерэ кэпсэтиитинэн 4 тимир көлөлөөх суоппардар, Елена Николаева ,  Аркадий Никифоров,  Владислав Пахомов уонна Дьулус Айантай уһун кэмҥэ ардах түһэн харгыстардаах суолу билиммэккэ, этэргэ дылы «кыра наадалаах киһи киирбэт» суолунан, бэйэлэрин бензиннэринэн, аҕам саастаахтарга ытыктабылларын биллэрэн, үтүө санааларынан аахсыйаҕа кыттыһан 18 ытык кырдьаҕаһы киллэртээн таһаардылар.
Сарсыарда 10 чаастан мустан, Кыыл Уолун аатынан уораҕайга, сорох бастакытын улууспут биир киэн туттар тутуутун дьиэтигэр киирэн, уораҕай үлэһиттэрэ уруйдаан, тойугунан, итии чэйинэн көрсөн, икки этээһинэн кэритэ сылдьан экскурсиялаттылар, интэриэһинэй, култуура эйгэтин үлэтин, киэн тутта ааттыыр дьоммут тустарынан кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр, түмүккэ, өссө сибэкки кэһиилээх ыыттылар.
Ол кэннэ биирдэ киирбиччэ «эрэстэрээнниибит» диэн арылла илик эрэстэрээни арыйтаран аһыы үөрэммит аспытын ылан сынньана түһэн, аны салгыы Кыыл Уолун аатынан түмэлгэ бардыбыт. Түмэл үлэһитэ Василий Слепцов кэпсиирин кырдьаҕастар хайгыы, сэргии, дуоһуйа иһиттилэр.

Түмэлгэ туох экспонат суоҕай, улуус араас муннугуттан киирбит арааһынай элбэҕи көрбүт , истибит түҥ былыргы маллар, киэн тутта ааттыыр дьоммут историяларын бука бары оскуола оҕолорун курдук чуумпуран сэргээн аҕай иһиттилэр. Оҕо саастарыгар да эргиллэн ыллылар, билбэттэрин биллилэр. Дьэ уонна, эбиэккэ дьиэбитигэр кэлэн чэйдиэхпит дэспит дьон, киэһэ биэс саҕана дьиэбитин буллубут, бириэмэни билбэккэ аһардыбыт.  Суоппардарбыт итиччэ кииҥҥэ киирбит дьон баҕатын толорон, сылдьыахтаах сирдэригэр сырытыннартаан, тото-хана атыылаһан астынан аҕай тарҕастылар!
Аахсыйаҕа кыттыһан, тута сөбүлэһэн, күндү дьоммутун киллэртээн таһаарбыт суоппардарбытыгар улахан махтал! Ону кытта Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр уонна түмэл үлэһиттэригэр олус үчүгэйдик көрсөн атаарбыттарыгар улахан махтал! Үтүө үтүөнэн төннүннүн, кырдьаҕас дьон алгыһа тиийэн, олоххут үтүө эрэ аргыстаах этэҥҥэ эрэ сылдьыҥ!

Надежда Иванова, Х.Николаева аатынан култуура киинин салайааччыта

Читайте дальше