Балаҕан ыйын 9-10 күннэригэр Узбекистан Хива куоратыгар мас-рестлиҥҥэ аан дойду чемпионата буола турар. Онно барыта 16 дойдуттан 180 мадьыны бэйэ-бэйэлэрин кытта күөн көрсүһэ сылдьаллар.
Күрэхтэһии бастакы күнүн түмүгүнэн эр дьоҥҥо Сахабыт сирин мадьыналара 5 ыйааһыҥҥа (60, 70, 80, 105 уонна 125 кг үөһэ) кыһыл көмүһү ыллылар.
Эдэрдэр 50, 70 уонна 85 кг үөһээ ыйааһыҥҥа күрэхтэстилэр.
Онно күрэхтэһии бастакы күнүгэр 70 кг диэри ыйааһыннаах уолаттарга биһиги биир дойдулаахпыт, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар кыайыылаахтара Юлиан Сидоров эрэллээхтик бастаан, пъедестал үрдүкү үктэлигэр тахсары ситистэ.
Бүгүҥҥү күрэхтэһии күнэ биһиэхэ эмиэ үчүгэй сонуну аҕалла. Ол курдук 60 кг диэри ыйааһыннаах мадьынылар күөн күрэстэригэр атын биир дойдулаахпыт Эльдар Ушатов кыайыы көтөллөннө. Кини Кириэстээх эдэр мадьыныта. Ол иһин биһиги Кириэстээх нэһилиэгин баһылыга Александр Григорьевы кытта кэпсэтэ сырыттыбыт: «Биллэн турар, уолбут үрдүк ситиһиитинэн кинини итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Кыайыы хаһан баҕарар ыараханнык кэлэр. Онно күүс-көмө буолар чугас дьоно баар буолаллар. Эльдарга оннук дьонунан, бастатан туран, үрдүк чыпчаалга сирдээбит тириэньэрэ Семен Михайлов, төрөппүттэрэ Иван Александрович, Миралия Юрьевна буолаллар. Кинилэргэ нэһилиэкпит олохтоохторуттан истиҥ махталбытын тириэрдэбит».
Гаврил АНДРЕЕВ.
Хаартыскалар Интэриниэт ситимиттэн ылылыннылар.