Уолаттар булт үөрүйэхтэрин билистилэр

Сэтинньи 2 күнүгэр улуустааҕы Аҕа сүбэтин көҕүлээһининэн, Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын 8-11-с кылаас уолаттарыгар анаан, Байанай ыйын чэрчитинэн, Бэрэ күөлүгэр бэрт сэргэх тэрээһин буолла. Ол курдук,  өбүгэлэрбит булка-алка туттар төрүт дьарыктарын үйэтитэр сыалтан, муус аннынан илим үтүүтүн көрдөрүү, үөрэтии, куобахха туһах иитии, киискэ-бөрөҕө хайдах хапкаан туруорары көрдөрүү, маны таһынан уол оҕо айылҕаҕа сылдьан сиэри-туому  тутуһарын, тулалыыр эйгэни харыстыырга үөрэтии, кэпсэтии буолла.

«Сахабулт» дириэктэрэ, Аҕа сүбэтин чилиэнэ Максим Афанасьев оҕолорго ханнык кыылга, көтөргө бултуур көҥүл бэриллибитинэн хайдах бултууру,  туһах, хапкаан иитиллэрин, хайдах хапкаан ханнык булка барсарын олус интэриэһинэйдик, умсугутуулаахтык кэпсээтэ. Оҕолор олус сэҥээрэн иһиттилэр.

Оҕолор хайдах муус аннынан илимниири көрдулэр,  үөрэннилэр, биллилэр.

Сынньалаҥҥа сахалыы булт тэриллэрин ким төһө элбэҕи билэрин тургуттулар.  Аҕа сүбэтин аатыттан үс бастыҥнарга бириис туттарылынна. Бу олус интэриэһинэй, сэргэх тэрээһин түмүгүнэн уолаттарга барыларыгар сэртипикээт туттарылынна.

 

Борис УЛАРОВ, улуустааҕы Аҕалар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ

Читайте дальше