Дьаархан орто оскуолатын иһинэн Байанай ыйын чэрчитинэн бу үөрэх нэдиэлэтэ «Байанай» нэдиэлэтинэн биллэриллэн бэрт сүрдээх сэргэх, сонун тэрээһиннэрдээх нэдиэлэ ыытылла урар. Ол курдук, «Барыылаах Баай Байанай» диэн күөн күрэс күүрээннээхтик буолан ааста. Оскуола бары үөрэнээччилэрэ, учууталлара, төрөппүттэрэ бэркэ түбүгүрэн, сүүрэн-көтөн, суоҕу баар да гынан тураннар, олус күүскэ бэлэмнэммиттэрэ дьүүллүүр сүбэни, көрөөччүлэри олус сөхтөрдө да, үөртэ да. Кылаас оҕолоро бэйэлэрин уолларыгар күүс-көмө буоланнар, былакаат тутуурдаах үөгүү-хаһыы буола туралларын көрөргө да астык эбит.
Барыта биэс араас түһүмэхтээх күрэскэ үөрэнээччилэрбит аҕаларынаан, ким эһээтинэн, убайынаан булка сыһыаннаах көрүҥнэргэ тургутууну аастылар.
Бастакы түһүмэххэ бары кылаас уолаттара, төрөппүттэрэ, кылаас салайааччылара олус күүскэ бэлэмнэммиттэр. Ирдэммит биир бүлүүдэ оннугар 9 араас бүлүүдэҕэ тиийэ астааннар (8-с кылаас, сал.Николаев В.Н.), бэл сахалыы таҥнан туран көмүлүөк оһохторун оттоннор саҥыйахтаах алаадьынан, сылгы үрүҥ сиэлинэн, кыынньа сылдьар уохтаах кымыһынан Аал уоттарын, Баай Байанайдарын алҕаатылар (3-с кылаас, сал. Иванова Е.Г.).
Иккис түһүмэххэ булчут эрэллээх доҕоро — саха быһаҕын сытыытын бэрэбиэркэлээһин буолла. Бу көрүҥҥэ уолаттар аҕалара, эһэлэрэ, убайдара кытыннылар, 4,5*4,5см тиит бурускууну ортотунан бириэмэҕэ быстылар.
I м. — Арсылан, Самир Абдаловтар (1-с кылаас) эрэллээхтик таҕыстылар, бириэмэлэрэ — 2 мүн. 18 сөк.
II м. — Антон Семенов убайынаан Игнаттыын (3-c кылаас) — 2 м.52 сөк.
III м. — Афоня, Николай Охлопковтар буолан үөрдүлэр, бириэмэлэрэ 3 м.16 сөк.
Улахан кылаастарга:
I м. — Талбан, Андрей Николаевтар (8кылаас) бириэмэлэрэ баара суоҕа 51 сөкүүндэ.
II м. — Тускул, Арсен Павловтар (9 кылаас) бириэмэлэрэ 1мүнүүтэ 24 сөкүүндэ.
III м. — Сайаан Никитин, Петр Тимофеевтыын(6 кылаас) таҕыстылар. Бириэмэлэрэ 2м.03 сөкүүндэ.
Үһүс түһүмэҕинэн салгын саатынан сыал ытыыта буолла. Манна алын сүһүөх кылаастарга:
I м. — Уйгулаан, Альберт Алексеевтар, 1-с кылаас.
II м. — Арсылан, Самир Абдаловтар, 4-с кылаас.
III м. — Антон, Игнат Семеновтар, 3-с кылаас.
Улахан кылаастарга:
I м. — Тускул, Арсен Павловтар, 9-с кылаас.
II м. — Сайаан Никитин, Петр Тимофеев, 6 кылаас.
III м. -Талбан, Андрей Николаевтар, 8 кылаас.
Манна даҕатан эттэххэ, оскуолабытыгар лазернай сыаллаах салгын саата кэлбитэ. Онон инники өттүгэр ытыыга элбэх күрэстэр өссө да буолуохтара диэн эрэнэбит.
Төрдүс түһүмэх — саха төрүт оҕунан ытыы диэн этэ. Ол эрээри бөһүөлэкпит үрдүнэн уот арахсан, манежпыт иһэ хараҥа буолан, кыайан оҕунан ыппатылар. Ол иһин кыра мээчигинэн куобах, кус, тииҥ кыыллары биэстиитэ бырахтылар.
I м. — Уйгулаан, Альберт Алексеевтар.
II м. — Антон, Игнат Семеновтар.
III м. — Афоня, Николай Охлопковтар уонна Арсылан, Самир Абдаловтар.
Улахан кылаастарга:
I м. — Талбан, Андрей Николаевтар.
II м. — Тускул, Арсен Павловтар.
Атын хамаандалар биир да таба быраҕыылара суох буоланнар үһүөн 5-с миэстэ буоллулар.
Бэһис, бүтэһик түһүмэх — сүүрүүлээх-көтүүлээх көрүҥ:
Булчут эстафетатыгар уолаттарбыт аҕаларын кытары муҥханы сүгэн баран «балыктыы» сүүрдүлэр, аара «үрүйэни — далаһаннан» туораатылар, «сылбах үрдүнэн ойдулар», «бадарааннаах сири тумуннулар». Манежпыт иһэ хараҥардар хараҥаран, суотабай төлөппүөн фонариктара бииртэн биир умайаннар — сулустаах хараҥа халлааны санатан булт абылаҥнаах сырыыларыгар ыҥыра угуйда, уолаттарбыт аҕаларыттан хаалсыбакка, санааларыгар аҕаларын дойдуларыгар Кэбээйигэ, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн «муҥхаластылар», хаһан да ханна да хатыламмат түгэн, сүүрүү — көтүү буолла. Түмүк маннык буолла:
I м — Антон, Игнат Семеновтар.
II м — Афоня, Николай Охлопковтар.
III м — Арсылан, Самир Абдаловтар.
Үрдүкү кылаастарга:
I м. — Талбан, Андрей Николаевтар.
II м. — Сайаан Никитин, Петр Тимофеев.
III м. — Тускул, Арсен Павловтар.
🔥Биэс көрүҥ түмүгүнэн алын кылаастарга:
I м. — Антон, Игнат Семеновтар (3-с кылаас).
II м. — Арсылан, Самир Абдаловтар (4-с кылаас).
III м. — Уйгулаан, Альберт Алексеевтар (1-с кылаас).
Үрдүкү кылаастарга:
I м. — Талбан, Андрей Николаевтар (8-с кылаас)
II м. — Тускул, Арсен Павловтар (9-с кылаас)
III м. — Сайаан Никитин, Петр Тимофеев (6-с кылаас).
Бары миэстэлэспит кыттааччылар туоһу суругунан, мэтээлинэн уонна оскуола салалтата туруорбут бирииһинэн бэлиэтэннилэр, ону таһынан бэйэлэрин кылаастарын бэлэхтэрин эбии тутаннар үөрдүлэр — көттүлэр.
Күрэс кэннэ уопсай хаартыскаҕа түһүү буолла, булт аһыттан астаммыт араас бүлүүдэлэри тото-хана сиэтибит. Оскуолабыт салалтатыгар — дириэктэрбитигэр Н.Н.Охлопковка, тэрийээччи педагог Н.С.Михайловаҕа, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлэспит, көмөлөспүт А.Н.Тихоноваҕа, бары кыттыбыт аҕаларга, убайдарга уонна эдэр аҕалардыын тэҥҥэ күрэстэспит 68 саастаах эһэҕэ А.Д.Павловка үөрэнээччилэр, кылаас алайааччыларын ааттарыттан махтал тылларын эттилэр.
Павел КЫРЕЛОВ, күрэс тэрийээччитэ, сүрүн судьуйата.