Сунтаардааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи дааннайынан улууспутугар 18581,2 т оттоннубут. Ити былааҥҥа ылыллыбыт 34000 т от 54,651 %-ныгар тэҥнэһэр. Бу күннээҕи туругунан ходуһаларга 19333 т от охсуллан сытар.
Нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө, аллыҥалар былааҥҥа ылыммыт 1150 т отторун балачча куоһаран, билиҥҥитэ 1477 т оттоннулар (128,43 %). Тэҥкэ нэһилиэгэ ылыммыт 500 т отуттан 521 туоннаны оттоон эмиэ былааны куоһарбыт (104,2%). Биир үчүгэй көрдөрүүлээх Бүлүүчээн отчуттара иһэллэр. Былааны толоруу – 94,286 %.
Оттооһуҥҥа саамай элбэх былааны ылыммыт Күндэйэ нэһилиэгэ күн бүгүн 1405,8 т оту бэлэмнээн былаанын 54% толорбут. 1037 т от кэлэр сирэ охсуллан сытарыттан учуоттаатахха, күн-дьыл туран биэрдэр эрэ, отторун кыайа тутууһулар. Биир үчүгэй көрдөрүүлээҕинэн Бордоҥ нэһилиэгин ааттыахха сөп. Былааҥҥа ылыммыт 2000 т отун 71,895% толорбут. Илимниир (17%), Кириэстээх (18,261%), Тойбохой (26,15) нэһилиэктэригэр, төһө да былырыыҥҥыга холоотоххо көрдөрүү үчүгэй курдугун иһин, былаантан хаалыы баара көстөр. Атын нэһилиэктэр үксүлэрэ ылыммыт былааннарын аҥаарыттан ордук оттоммуттар.
Түмүгү таһаарарга билигин да эрдэ. Атырдьах ыйыгар ардаабакка халлаан туран биэрдэр эрэ, ходуһаҕа охсулла сытар от кэмигэр чөкөтүллэн, улуус үрдүнэн оттооһун көрдөрүүтэ үчүгэй буолуоҕар эрэл баар.
Марфа ИВАНОВА