Ааспыт нэдиэлэҕэ Сунтаар улууһун территориятыгар турбут ойуур баһаардарыгар «Якутлесресурс» ГАУ тиэхиньикэтэ үлэлээтэ, “Авиалесоохрана” ФБУ үлэһиттэрэ, Приморьеттан көмөҕө кэлбит бу тэрилтэ десантниктара уонна олохтоох нэһилиэнньэттэн мобилизацияламмыт дьон уоту утары күүстээх үлэни ыыттылар. Билигин балаһыанньа хайдаҕын улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта, улуус дьаһалтатын ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Николай Александров бу курдук билиһиннэрэр:
– Бу өрөбүллэргэ Сиэйэ, Түбэй-Дьаархан чугаһынааҕы 18-с нүөмэрдээх баһаар ликвидацияланна. Оттон 15-с нүөмэрдээх Куокуну сиригэр, Тэҥкэттэн 10 км тэйиччи, турбут баһаар билиҥҥитэ төгүрүтүлүннэ. Халлаан туругун билгэтинэн сарсын, оптуорунньукка, күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр. Инньэ гынан халлаан туруга көннө да, аҕыйах хонугунан бу 15-с нүөмэрдээх ойуур баһаара этэҥҥэ ликвидацияланыа диэн эрэнэбит.
Маны таһынан нэһилиэнньэлээх сирдэртэн ыраах 13-с, 17-с нүөмэрдээх ойуур баһаардара бааллар. Бу күннэргэ буруо хойдон бөртөлүөт көтөр кыаҕа суоҕа, онон дьону тириэрдии кыаллыбатаҕа. 17-с баһаары умуруорууга көмө күүс тириэрдиллиэхтээх.
“Сунтаар сонуннара” хаһыат.
Хаартыска Сунтаар улууһун дьаһалтатын ТГ-каналыттан ылылынна.