Атырдьах ыйын 13 күнэ – Арассыыйаҕа тутааччы күнэ. Бу кэнники сылларга Сунтаар улууһугар элбэх тупсаҕай оҥоһуулаах таас дьиэлэр тутуллан үлэҕэ киирдилэр.
Сунтаар улууһугар ханнык эбийиэктэр тутулла туралларын билсиэҕиҥ.
Бастатан туран, Кириэстээх нэһилиэгэр саҥа тупсаҕай көстүүлээх икки этээстээх таас култуура киинин дьиэтэ тутулла турар. Кэлэр 2024 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх. Тустаах эбийиэк тутуутугар көмөлөһөрүгэр Владимир Путинтан Үлэ Дьоруойа, үйэ аҥаара ыанньыксыттаабыт Владимир Михайлов көрдөспүтэ. Муус устар 12 күнүгэр саҥа кулууп бастакы сыбаайатын түһэрбиттэрэ.
Кэмпэндээйи нэһилиэгэр ааспыт сылтан «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн 1000 квадратнай миэтэрэ иэннээх, уопсайа 150 миэстэлээх култуура киинэ тутулла турар. Сүрүн дьиэҕэ сыста турар ураһалаах. Киэҥ-куоҥ эбийиэк аныгы кэм ирдэбилигэр толору эппиэттиир.
Үүммүт сыл олунньутугар Күндэйэ нэһилиэгэр олохтоохтор өр кэтэспит 50 миэстэлээх «Күнчээн» оҕо уһуйаана саҥа дьиэҕэ көһөн киирбитэ. Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тыа сирин сайдыытын биир кэлим бырагырааматын иһинэн «Тыа сирин-уотун аныгы көстүүтэ» тус сыаллаах бырагыраама чэрчитинэн тутуллан үлэҕэ киирдэ. Уһуйаан дьиэтэ аныгы кэм ирдэбилигэр толору эппиэттиир тупсаҕай, сырдык, сылаас толору хааччыллыылаах эбийиэгинэн буолар.
Кулун тутар ыйтан Сунтаар нэһилиэгин үгүс олохтоохторо өр күүппүт түгэннэрэ үүммүтэ диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Ол курдук ,ити кэмҥэ Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй дьиэтэ өрүс үрдүгэр тутуллуохтаах сирэ быһаарыллыбыта. Бу бэлиэ түгэн туһунан Арассыыйа Федерациятын Сэбиэтин чилиэнэ Александр Акимов бэйэтин санаатын биһиги хаһыаппыт ааҕааччыларын кытта маннык үллэстибитэ:
Быйыл, кэмниэ-кэнэҕэс, лиссиэй тутуута саҕаланар буолла. Онно 600-тэн тахса мөл. солк. федеральнай үп көрүллүөҕэ. Онон саҥа тутуу кэлэр сылга бүтэн, үлэҕэ киириэхтээх. Бу улуу, историческай түгэн буолар диэм этэ. Тоҕо диэтэр, Сунтаар, Саха сирин кэскилэ бу үөрэх кыһатыгар сытар. Инникитин төһөлөөх элбэх оҕо үөрэнэн тахсан, үрдүк үөрэхтэнэн өрөспүүбүлүкэлэрэ, дойдулара сайдарыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэриэхтэрэ турдаҕа. Санаан көрүҥ, аан бастакы алмаас Сунтаарга көстүбүтэ. «Сунтаар сулуһа» диэн бастакы бриллиант эмиэ манна кырыыламмыта. Итини таһынан биһиги сирбит небинэн, гааһынан олус баай. Сахабыт сиригэр алмааһы көрдүүргэ тэриллибит Амакинскай эспэдииссийэ эмиэ Сунтаарга тэриллэн үлэлээбитэ. Онон биһиги оҕолорбут инникитин ону туһаҕа таһаарарга үлэлиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпин».
Хайа да кэмҥэ тутуу барар сирэ, нэһилиэнньэлээх пууна (куорат, нэһилиэк) сайдар аналлаах. Ол курдук, биһиги Сунтаарбыт улууһугар сыллата саҥаттан саҥа эбийиэктэр тутуллан үлэҕэ киирэллэрэ барыбытын үөрдэр. Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит салалтата улахан болҕомтону социальнай хабааннаах эбийиэктэри (оскуолалар, оҕо уһуйааннара, балыыһалар) тутууга уурара хайҕаллаах. Бары көрө-билэ сылдьабыт. Бу аҕыйах сыл иһигэр улууспут киинэ хайдах курдук тупсубутун. Элбэх таас дьиэ дьэндэйэн таҕыста. «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагыраама күүскэ үлэлиир. Үгүс дьон хаарбах туруктаах дьиэлэриттэн толору хааччыллыылаах дьиэҕэ көһөн, санаалара көнөн сылдьар.
Гаврил АНДРЕЕВ.