Улууска 2024 сыл – Аҕам саастаах дьоҥҥо ытыктабыл сыла

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан, оттон СӨ Ил Дархана А.С. Николаев Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэрбитэ. Саха дьоно Айыыһыт сылыгар үктэннэ. Төрөөбүт Сунтаарбыт улууһугар Аҕам саастаах дьоҥҥо ытыктабыл сыла үүннэ. Дьиэ кэргэҥҥэ эбээ, эһээ баар буоллаҕына бу олох төлкөлөнөр, дьылҕабыт киэркэйэр, эрэйэ чэпчиир. Олох эрэйин-кыһалҕатын, уоттаах сэрии иэдээннээх кэмнэрин эттэринэн-хааннарынан билбит эбээлэрбит, эһээлэрбит барахсаттар үлэ тыыл күүстээх үлэтигэр миккиллэн үлэлээн аастахтара. Бу барыта төрөөбүт дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин төлөөн, дойдуларын чөллөрүгэр хаалларан, кэлэр кэнчээри ыччакка эйэлээх олоҕу аҕалбыттарыгар махтаныах эрэ тустаахпыт уонна кинилэр ааттарын, олорбут олохторун сиргэ-буорга тэпсибэккэ дьоҥҥо-сэргэҕэ өрүү кэпсии-ипсии, өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт.

Хоһооҥҥо хоһуллубут, ырыаҕа ылламмыт эриэккэс ырыалаах Элгээйи нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ саҥа сылы үөрэ-көтө көрүстүлэр. Үтүө сир араас дэгиттэр талааннаах дьонунан биллэр. Элгээйи нэһилиэгэ улуус саамай биир улахан нэһилиэгэ буолар. Өр сылга үгүс тэрилтэ аанын тэлэччи аһан үлэлии сылдьыбыта. Олортон биирдэстэрэ кырдьаҕастар дьиэлэрэ буолар. Бу тэрилтэҕэ аҕам саастаах олохтоох, кэлии да дьон кэлэн эмтэнэр сытар сирдэрэ этэ. Манна кырдьаҕас дьоҥҥо болҕомтолоох, истиҥ сыһыаннаах элбэх үлэһит дьон үлэлээн ааспыттара. Бу тэрилтэни кэнники сылларга сатабыллаахтык салайан олорбута — Ирина Егоровна Алексеева.

Кырдьаҕастар сэбиэттэригэр үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыт ытык дьоммутун хайаан даҕаны бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох. Холобур, култуура дьиэтин иһинэн үлэлээбит “Алаас” сыана бэтэрээннэрин ансаамбылыгар сылдьыбыт Иннокентий Спиридонов, Феврония Петрова, Маргарита Сидорова кырдьаҕастар сэбиэттэригэр сүрэхтэрин сылааһын биэрэн үлэлээбиттэрэ. Нэһилиэк сайдарын туһугар үгүс-элбэх кылааттарын уурбуттара.

Ол курдук, 1997 сыллаахха Элгээйитээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин дириэктэрин солбуйааччынан, социальнай сулууспа туйгуна, үлэ бэтэрээнэ “Алаас” ансаамбыл солиһа Иннокентий Спиридонов, үлэ бэтэрээнэ, селькор “Алаас” ансаамбыл ыстаарыстатынан үлэлээбит Феврония Петрова 1999 сылтан кырдьаҕас сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, солбуйааччынан 2007 сылга диэри үлэлээбитэ. Кини улуус хаһыатыгар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан сылдьыбыта. Араас биллэр ыстатыйалардаах. Кини кэнниттэн СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, нэһилиэк саастаах дьон түмсүүтүн салайааччытынан Маргарита Сидорова анаммыта. Кини хас биирдии аҕам саастаах дьон олорор олохторун, үлэлээн ааспыт сылларын сырдатааччы, туох кыһалҕалаахтарын кэпсэтэн-ипсэтэн быһааран, өйөбүл тирэх буолан, өр сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Маргарита Федоровна С.А. Зверев-Кыыл Уола ансаамбылын солистка үҥкүүһүтэ, сыана бэтэрээнэ, нэһилиэкпит биир убаастанар киһитэ. 2023 сылтан аҕам саастаахтар түмсүүлэрин салаайааччы эдэр сүүрбүт-көппүт, үлэ үөһүгэр сылдьар Раиса Иванова салайар. Кини — бэтэринээринэй сулууспа туйгуна, “Дьүһүйүү” фольклорнай ансаамбыл, “Нуурал” үҥкүү бөлөх кыттыылааҕа.

Аҕам саастаах дьоммут үлэлээн ааспыт олохторо-дьаһахтара биһиэхэ ыччат дьоҥҥо бастыҥ холобур быһыытынан буолуохтаах. Кинилэртэн биһиги элбэххэ үөрэнэн, билэн-көрөн хаалыахтаахпыт.

Саҥа үүммүт Айыыһыт сылынан улуус туох баар саастаах дьонун ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Түмүкпэр саха норуодунай бэйиэтэ Сэмэн Данилов тылларыгар, Калиста Пахомова ырыа гынан суруйбут “Кырдьар кырыыс дииллэрин билинимэ” диэн хоһоонуттан быһа тардан түмүктүүбүн.

Кырдьар кырыыс дииллэрин билинимэ

Кырдьыбыккын дииллэрин истимэ

Олох бүппэт түбүгүн сөбүлээ

Үлэ ыарын күүстээҕин үлэлээ.

Артём ОСИПОВ

 

Читайте дальше