Бүгүн улуус медицинскэй үлэһиттэрин ааспыт сыллааҕы үлэ түмүгүн уонна быйылгы былааннар тустарынан сүбэ-мунньахтара буолла.
Сүбэ-мунньахха медиктэри таһынан СӨ судаарыстыбаннай мунньаҕын дьокутааттара Андрей Николаев, Афанасий Постников, улуус, нэһилиэк баһылыктара кыттыыны ыллылар.
Мунньах аһыллыытыгар улуус баһылыга Анатолий Григорьев доруобуйа харыстабылын үлэһиттэригэр махтал тылларын этэн туран, өр сыллаах үлэтин, нэһилиэнньэ доруобуйатыгар кыһамньытын иһин «Сунтаар улууһугар доруобуйа харыстабыла сайдыытыгар кылаатын иһин» бочуоттаах бэлиэни балыыһа комплексын старшай медицинскэй сиэстэрэтэ Розалия Степановаҕа туттарда. Улуус баһылыгын грамотатын поликлиника медицинскэй сиэстэрэтэ Татьяна Морозова, Кутана балыыһатын сиэстэрэтэ Акулина Гоголева туттулар. Стоматологическай отделение медицинскэй сиэстэрэтэ Мария Алексеева, дьахтар консультациятын акушерката Наталья Львова улуус баһылыгын Махтал суругунан наҕараадаланнылар.
Улуус кылаабынай бырааһа Анатолий Назаров ааспыт сыл түмүгүнэн анал бэлиэлэри туттарда: «Бастыҥ быраас» үрдүк аат учаастактааҕы быраас Анна Даниловаҕа; «Бастыҥ наставник» –- педиатр быраас Светлана Семеноваҕа, «Бастыҥ сэбиэдиссэй» – рентгенологическай отделение сэбиэдиссэйэ Наталья Никитинаҕа уонна»Бастыҥ орто сүһүөх медицинскэй үлэһитэ» номинацияны – Розалия Степановаҕа. Ону сэргэ бастыҥ үлэлээх отделениенан Наталья Ефремова сэбиэдиссэйдээх сэллиги утары охсуһар диспансер ааттанна. Антонина Далбараева сэбиэдиссэйдээх Кириэстээх врачебнай амбулаторията, Анна Иванова сэбиэдиссэйдээх Түбэйдээҕи ФАП бастыҥ үлэлээх ааттананнар, эмиэ номинация хаһаайыннара буоллулар.
Кылаабынай быраас ааспыт сылга доруобуйа харыстабылыгар туох ситиһиилээхтэрин, туох, ханнык хайысхаҕа үлэни күүһүрдүллүөхтээҕин эттэ, бары хайысхаҕа көрдөрүүнү сыыппараларынан холобурдаан кэпсээтэ.
Отделение сэбидиссэйдэрэ үлэлэрин, уопуттарын билиһиннэрдилэр.
Доруобуйа харыстабылыгар ааспыт сылга үгүс үтүө көрдөрүүлэр бааллар. Ол курдук, Хадаҥҥа ФАП саҥа дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Элгээйигэ саҥа балыыһа дьиэтин тутуу саҕаланна. Араас медицинскэй оборудование ылыллан нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун көрүү тупсан иһэр. Балыыһа массыыналарынан хааччыллар. Бу барыта дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлүүр «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн барда. Билигин аны нэһилиэктэргэ аптека пууннарын аһан эрэллэр.
Дьон доруобуйата тупсарыгар, ыарыыны эрдэттэн булууга, сэрэтиигэ сылын аайы диспансеризацияны ыытыы улахан көмөлөөҕө көһүннэ. Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр аһыллыбыт онкология киинигэр медицина үрдүк технологиятын көмөтүнэн искэн ыарыытын эрдэ буларга уонна көдьүүстээхтик эмтииргэ кыах баар буолла.
Күн иккис аҥаарыгар учаастактааҕы сиэстэрэлэр, биэлсэрдэр, быраастар араас ис хоһоонноох лекциялары, маастар-кылаастары ыыттылар.
Яина ВЛАСЬЕВА