Улуус баһылыга Дьокуускай куоракка оробуочай сырыытыттан

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун баһылыга А.В. Григорьев Дьокуускай куоракка оробуочай сырыы бэрээдэгинэн сылдьар. Ол курдук Анатолий Васильевич бу сырыытын Ил Түмэн дьокутаата, Ил Түмэн Хонтуруоллуур кэмитиэтин, бэрэссэдээтэлэ, бүддьүөт кэмитиэтин чилиэнэ Андрей Николаевы кытта көрсүһүүттэн саҕалаата. Көрсүһүүгэ 2024-26 сс. үбүлээһин бырагырааматын тула кэпсэттилэр. Маны таһынан баһылык үөрэх миниистирин э.т. Нюргуна Соколованы кытары көрүстэ. Манна улуус үөрэҕин көрдөрүүтүн үрдэтии, каадырынан хааччыллыы, оскуолалары тутуу туһунан кэпсэттилэр.

Анатолий Григорьев бу сырыытыгар Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахпытыгар, олоҕун үлэҕэ анаабыт үлэ бэтэрээнэ, элбэх оҕо ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ 91 саастаах Тихонова Фекла Ивановнаҕа Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо ааты туттарда.

Салгыы Анатолий Васильевич соторутааҕыта анаммыт экономика миниистирэ Петр Попову көрсөн, быйыл Ил Дархан Сунтаар улууһугар кэлэ сылдьан ыыппыт мунньаҕын түмүгүнэн министиэристибэлэргэ бэриллибит сорудахтар туолууларын дьүүллэстилэр. Маны таһынан улууспут баһылыга бу күн СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александрову кытары көрсөн, Сунтаар улууһун тыатын хаһаайыстыбатын инники сайдар саҕахтарын туһунан кэпсэттилэр.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат.

Читайте дальше