Бүтүн улуу Арассыыйа үрдүнэн, бэс ыйын 6 күнүгэр, улуу суруйааччы Александр Сергеевич Пушкин күн сирин киэргэтэ кэлбит кэрэ күнүн бэлиэтииллэр. Кэрэ сиргэ Кириэстээххэ алтыс төгүлүн Пушкин күнэ бу сайн күнэ ыытыллыбата.
Атын сирдэргэ көрдөххө-иһиттэххэ араас кинигэ кыһаларыгар, түмэллэргэ буолар эбит буоллахтарына, Кириэстээххэ араас үүнээйилэринэн симэммит , бэйэтэ ботаническай саад курдук сиргэ, Васильевтар тиэргэннэригэр буолбута. Тоҕо диэтэргит бу ыаллар кэрэни кэрэхсээн , онно кыттыһан иһэр, үчүгэйгэ үөрдүһэн үмүөрүһэн кэлэр күндү мааны дьону үөрэ-көтө көрсөр киэҥ санаалаахтар, үтүө үгэстээхтэр. Кинилэр кимнээхтэрий? Аҕа баһылык – Васильев Юрий Егорович. Армияҕа
сулууспалыыр эрэ кэмнэригэр тапталлаах Кириэстээҕиттэн тэйэ сылдьыбыта. «Кириэстээх» сопхуоска тырахтарыыстаан, онтон ньир бааччы бааһынай хаһаайыстыбаланан, илиитин үлэттэн араарбакка үлэлиир үлэттэн дьолун булбут киһи. Дьиэ хаһаайката Васильева Марианна Серкановна-Умтичаана, хоту сиртэн хаан тардыылаах. Уруккута Саккырыыр, билиҥҥитэ Кэбээйи сириттэн кыысчаан кыратыгар көһөн кэлбиттэрэ. Кириэстээх оскуолатын бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэммитэ. Оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн ойуур ортотугар дьиэлэниэҕин, араас оту-маһы үүннэрэн киэргэтиэҕин, сибэккинэн симиэҕин ыра санаа оҥостон өйүгэр оҥорон көрөрө.
Ол санаата туолан кэргэнинээн Дьууруйдуун тыаны солоон дьиэ туттубуттара. Бастакы сылларыгар дьиэлэрэ сиппэккэ , уу киирэн далаһалаах олорбуттара. Харчы кырыымчык кэмнэригэр, иккиэн туруу үлэһит буоланнар, оҕолорун тугунан да тутаппакка улаатыннарбыттара. Бастакы радиола, гитара, байаан кинилэргэ баар этэ. Умтичаана түүннэри бэрэски оҥорон атыылыыра, дьонтон сүүсчэҕэ тиийэ сакаас ылаллара.
Марианна ииһи барытын иистэнэрэ, Дьууруйа атах таҥаһын улларара. Бэйэлэрэ улааппыт дьиэлэрин быраатыгар биэрбитэ. Бэйэлэрэ ол саҕана дьиэлэрэ суох, ситэ илик кэмэ этэ. Эр киһи баҕар утарсыан да сөп этэ. Ону Дьууруй Марианнатын өйөөн кэргэнин бырааттара, балтылара атахтарыгар туралларыгар ис сүрэҕиттэн көмөлөһөрүн Марианна долгуйан туран махтанар.
Төрөөбүт дойду алгыстаах дьиэтэ көһөн аналлаах сиригэр тиийбитигэр, ону кытта үтүө санаа, төрөөбүт дойду алгыһа тиийэн оҕолор, уруулар бары утуу-субуу дьиэлэммиттэр.
Быйыл эмиэ киирэн иһиэхтэн араас сибэккилэр тылланнар, дьэрэкээн өҥүнэн уруйдуу көрсөллөр. Бу ыаллар тиэргэннэригэр туох суоҕуй?! Манна бааллар ыанньыйан кэлэн кэбинэн мэччэйэ сытар ынахтар, ийэлэрин күүтэн оҥой-соҥой көрбүт ньирэйдэр. Ыраас, чэбэр козалар, аҕа баһылыктара боотурҕуу көрсөр бытыктаах козел, таас кокуукка курдук тэйиэккэлэспит козликтар, бороҥ хаастар, улуутуйбут фазаннар, куруук топпот кууруссалар, индюктар, кирик-хорук туттубут кроликтар, кутталлаах ыҥырыалар, дьоһуннаах харабыл ыт. Күнүскү күн уотуттан иитиллэр дьэрэкээн лаампаларынан сандаарбыт ааттарын да билбэтэх араас сибэккилэрим ортотугар араас оҕуруот аһа онно – манна бары ас кута тураллара киһини сөхтөрөр. Тоҕо? Хайдах да киэргэппит иһин бу тиэргэн өлгөм, сиэмэни бырахтыҥ да үүнэр өҥ буордаах буолбатах. Хайыр таас, силис , кумах сири таҥастаан, буор кутан, үрдэтэн оҥорбут уһаайбалара. Умтичаана араас дьикти, дьиибэ үүнээйилэри олордор, харайар, олору кэтээн көрөр , барыны барытын билэ көрө сатыыр хоббилаах. Ол сиэринэн араас отонноох, киэргэл отторун-мастарын ааҕан сиппэккин.
Былырыыҥҥыттан ыҥырыалары иитэн мүөт ылар. Быйыл Москва улахан оҕуруоччуттарыттан биирэ үс мөһөөк сыаналаах сиэмэни атыылаһан тыква олордубут. Онто күҥҥэ сүүс лиитир ууну иһэр. Водопровода суох, кураайы сиргэ олорор дьон от былдьаһыктаах үлэтин кэнниттэн, хамсыыр харамайдарын бөрүөрэн баран, аны үлүгэрдээхдьиэ ууну эт илиилэринэн таһалларын санаан санаа тиийбэт. Бу тиэргэн биир уратытынан кустук түһэн түстээбит чуораата буолар. Бу чуораа аймахтары, дьону-сэргэни түмэр айылгыта кэҥээн эбээн норуотун, ааһа баран бары хотугу норуоттары, түмэр иилиир-саҕалыыр кииҥҥэ кубулуйан эрэр.
Хаһаайка эбээн норуотун тылын-өһүн, сиэрин-туомун сүмэтин илдьэ сылдьарын билэн этноцентрдар тэриллэн эрэллэринэн кимтэн да тутулуга суох бэйэтэ үбүлэнэр ассосиация тэрийээри Францияҕа олорор эбээн кыыһа кэлэ сылдьыбыта элбэҕи эрэннэрэр.
Васильевтар бэйэлэрэ элбэх оҕону атахтарыгар туруорбут, олох эриирин-мускуурун муннуларынан тыырбыт дьон быһыытынан олус амарах сүрэхтээх ыал. Былырыын волонтер сылын чэрчитигэр сөп түбэһиннэрэн, Лидия Даниловаҕа нэһилиэк күүһүнэн сабыс-саҥа дьиэ тутуутугар кинилэр хара сарсыардаттан ала түүҥҥэ диэрм саамай төһүү күүс буолбуттарын бары билэллэр. Быйыл бэйэлэрэ да отторугар киирбэккэ сылдьан, ыкса дьүөгэлэрэ кыһалҕаҕа киирэн барбытыгар, ол сирин бастаан оттоотулар. Дьэ, бу буолар, киһи киһиэхэ тугунан да кэмнэммэт үтүө санаата.
Мин Умтичааналаах Дьууруйу тоҕо эрэ улуу Пушкинныын дьүөрэлии тутан саныыбын. Сир дойду үрдүнэн улуу Пушкин күннэрэ араас түмэллэргэ, кинигэ кыһаларыгар , дыбарыастарга ыытылыннылар ини, ыытыллыбатылар ини. Ол эрэн бу курдук сибэккинэн симэммит, кустук түспүт чуораайылаах, ис иһиттэн сырдык санаанан сыдьаайбыт тиэргэҥҥэ, бу манна эрэ ыытыллар буолуохтаах. Ону ыытарга бу Васильевтар курдук кэрэни кэрэхсиир, үчүгэйтэн үөрэр киэҥ сүрэхтээх буолуохха наада. Ыалдьыттары үөрдэ көрсөөрү сыл аайы үгүс түбүктэриттэн чорботон, тус бэйэлэрин күүстэринэн, тугу эрэ сэмээр оҥостоллор. Быйыл эмиэ баннер эҥин ыйыырга анаан уһаайбаларын биир өттүн олбуордаабыттар. “Хата Пушкин миигин олбуордаан эрэр”, — диэн хаһаайка сэмээр күлэр. Кириэстээҕи дьоһун сурахтыыр, ыалдьыт бөҕө тоҕуоруйан ааһар тиэргэнин нэһилиэк барыта саба түһэн сэнэх олбуордаан кэбиһэрэ буоллар диэн сэмэй баҕа санаам туолуо дии саныыбын.
Васильевтар биир дьонтон олус чорбойор өрүттэрэ – олус үлэһит дьон, Кэтэх улахан хаһаайыстыбаны көрөр биир да күн өрөбүлэ суох үлэ, эмтээх оттору хомуйуу, олорунан эмп, маас, чэй оҥорон кыһалҕалаахтарга көмөлөһүү, күндүлээһин, араас сиэдэрэй көстүүнэн дьону-сэргэни үөрдүү, кэрэҕэ кытыннарыы, угуйуу. Нэһилиэккэ ыытыллар биир да тэрээһин кинилэрэ суох барбат, төрөөбүт тапталлаах Кириэстээхтэрин аатын улууска, бүтүн Саха сиригэр аатырдыы – сураҕырдыы, кыраҕа – кыаммакка көмөлөһөр сырдык санаа, үтүө сүрэх.
Ону таһынан Умтичаана айылҕаттан анаппыт дьоҕурунан хоһоон, дьон туһанарыгар икки биһигини тулалыыр, күннэтэ тэпсэ сылдьар отторбут – мастарбыт туһунан уу судургутук, өйдөнүмтүөтүк кинигэлэри суруйар. Оттон сынньалаҥҥа, көргө-нарга Дьууруй курдук айылҕаттан үҥкүүһүт, көрдөөх киһини булбаккын.
Дьэ, бу курдук Кириэстээх биир бастыҥ ыала — Васильевтар өссө да уһун сылларга дьону үөрдэн, сири симээн уйгулаахтык олоруҥ.
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма