Любовь Евсеева, Сунтаардааҕы гимназия дириэктэрэ:
– Аҕам сэрии бэтэрээнэ буолан, бу бырааһынньыгы аһара чугастык ылынабын. Аҕабыт бу күнү аһара долгуйан, хараастан туран бэлиэтиир этэ, мэлдьи бойобуой доҕоро Ньурбаттан кэлэрэ, дьэ оччоҕо эрэ сэрии туһунан түүнү быһа кэпсэтэллэрэ…
Аҕабытын санаан, кинини үйэтитэн биһиги мэлдьи бары тэрээһиннэргэ кыттабыт. Ол курдук, Кыайыы параадыгар, дойду үрдүнэн ыытыллар «Өйдөбүл төлөнө», «Өлбөт үйэлээх полк» аахсыйалары көтүппэппит.
Людмила Данилова, Кириэстээх нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ:
– Сылтан сыл Аҕа дойду Улуу сэриитин түгэннэрэ ыраатан иһэллэр. Кинигэ көмөтүнэн биһиги сэрии кэмнэрин уонна дьоруойдары умнубаппыт. Ол курдук, сайтарга, архыыптарга, кинигэни кытта үлэ салҕанар.
Биһиги дьиэ кэргэн, сиэннэр, хос сиэннэр, оҕолор, аймахтар араас тэрээһиннэргэ кыттабыт. Эһээбит Данилов Никита Павлович 3 с Белорусскай фронт, 139-с гвардейскай-стрелковой полк минометнай батальонун рядовойа этэ, «Хорсунун иһин» мэтээллээх. Киэн туттабыт, сүгүрүйэбит.
Кэлэн иһэр өрөгөйдөөх Кыайыы күнүнэн улуус олохтоохторун эҕэрдэлиибин!
Мария Яковлева, Элгээйи нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ:
– Улуу Кыайыы хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ үөрүүлээх күн. Биһиги эһээлэрбит бу сэриигэ кыттан, тыыннаах эргиллэн кэлбиттэрэ. Бу кырыктаах кыргыһыы кэмигэр кыттыбыт уонна тыылга үлэлээбит ытык дьоммут олус ыарахан күннэри, олоҕу ааспыттар. Кинилэр тыылга сыралаах, күүстээх, элбэх үлэни ыыппыттара.
Кыайыы күнэ үүнэн, биһиги, инники көлүөнэ ыраас, эйэлээх халлааҥҥа олоҕу олорорбутун бэлэхтээбиттэрэ.
Биһиги дьиэ кэргэн сэрии толоонугар олохторун толук ууран охтубут буойуттар, эһээлэрбит туһунан оҕолорбутугар өйдөбүлү иҥэрэбит. Сылын аайы «Өйдөбүл төлөнө» аахсыйаҕа кыттабыт уонна «Өлбөт үйэлээх полкаҕа»
оҕолорбунаан бары булгуччу хаамабыт.
Айаан Горохов, СПТЛ-И 9-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Кыайыы күнэ миэхэ Аҕа дойду улуу сэриитин толоонугар охтубут
буойун дьоммутун, кинилэр хорсун быһыыларын ахтар-саныыр күммүт диэн өйдөбүллээхпин. Ыам ыйын 9 күнүгэр
ыытыллар параадка мэлдьи хаамааччыбын. Хомойуох иһин, быйыл буолбата. Ол эрэн, оскуолабар уолаттар буолан Кыайыы хоһооннорун аахтыбыт.
«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата