Бу ыстатыйа улаатан эрэр оҕо төрөппүттэригэр, алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр, учууталларга, иитээччилэргэ, устудьуоннарга аналлаах.
Улаатан эрэр оҕо этэ-сиинэ, өйө-санаата уларыйар кэмэ буолар. Бу кэмҥэ оҕо бэйэтин көрдөнөр, элбэх дьон быыһыгар кэпсэтэргэ, быһаарсарга, доҕордоһорго үөрэнэр. Араас политическай, социальнай кыһалҕалары өйдүүр буолан барар, бэйэтин улахан киһинэн ааҕынар кэмэ кэлэр. Оскуолаҕа үөрэнии улахан суолтата суох диэн саныыр, устунан барыан да баҕарбат буолар.
Тоҕо улаатан эрэр оҕо үөрэниэн баҕарбатый?
«Тоҕо мин оҕом үөрэниэн баҕарбатый? Алын кылааска барыта үчүгэй этэ?» диэн ыйытыы төрөппүтү үүйэ-хаайа тутара элбиир. Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт ыйытык түмүгүнэн 28% үөрэнээччи үөрэнэллэрин сөбүлүүллэр эбит, онтон 72% — суох.
Үөрэниэн баҕарбат буолуу төрүөтэ араас буола, олортон холобурдуоҕуҥ:
- Оскуола тэтимэ биир кэм уларыйыыта суоҕуттан.
- Улаатыы көрүҥнэрэ: араас кыһалҕалар, бэйэ кыһалҕалара, доҕордоһуу, доҕор таҥнарыыта, кэлэйии, бастакы таптал. Үөрэх күүтүө диэн толкуй.
- Эксээмэн диэн тылынан алын сүһүөхтэн саҕалаан оҕону куттааһын, «кыайан туттарыаҥ суоҕа, билиэҥ суоҕа» — маннык тыллар оҕону үөрэхтэн тэйитэллэр эрэ.
- Дьиэ кэргэн сыһыана улахан оруоллаах. Өскөтүн оҕо төрөппүттэрин өттүттэн көмөлөөх буоллаҕына оҕо ордук бэйэтигэр эрэллээх буолар.
Улаатан эрэр оҕо төрөппүттэрэ куһаҕан кыдьыктаах, дьиэҕэ үчүгэй усулуобуйаны тэрийбэт, кыра оҕолорун эрэ бэрийэр, оҕо санаатын истибэт буоллахтарына бу үөрэххэ кыһаллыыны атахтыыр.
- Үөрэххэ хаалыы. Улаатан эрэр оҕо чиэппэригэр куһаҕан сыаналардаах, онтун өйдөөбөт, наадыйбат. Ол аата – кини үөрэниэн баҕарбат.
- Аһара элбэх эбии үөрэхтээһиннэргэ, куруһуоктарга сылдьан, нууччалыы эттэххэ, нагрузка элбээн, кыайбат буолуу.
- Өрүкүйүү. Оҕо биир сиргэ кыайан олорбот, болҕомтото суох буолара уруок да кэмигэр, дьиэҕэ да үлэни оҥоруутугар улахан мэһэйдэри үөскэтэр.
- Тугу да сэргээбэт, интэриэһиргээбэт буолуу. Бу манна предмети үөрэтэр учууталтан тутулуктаах кини уоруогу хайдах тэрийэн ыытарыттан эбэтэр учуутал анал үөрэҕэ суох буоларыттан, бу ордук тыа сирдэригэр баар буолар.
- Учууталы кытта оҕо сатаспат буолуута. Улаатан эрэр оҕо өһүргэнэн, кыйаханан куһаҕаннык саҥарыан, өсөһүөн сөп. Учуутал аһара элбэҕи ирдиириттэн, сыыһа тыллары туттарыттан, оҕо сыанатын түһэрэриттэн. Бу манна оҕо бэйэтэ эбэтэр учуутал буруйдаах буолуон сөп. Бу быһыыга төрөппүт учууталы кытта хайаан да өйдөһөр курдук кэпсэтии ыытыахтаах.
- Бииргэ үөрэнэр оҕолору кытты сыһыан. Оҕо күҥҥэ саамай элбэх бириэмэтэ кини бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта ааһар. Ол иһин оҕо бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта сыһыана оҕо оскуолаҕа үөрэнэ кэлиэн баҕарара улахан оруоллаах буолар. Оҕолорун кытта өйдөспөт буолуута кини үөрэҕэр уонна психологическай туругар улахан охсуулаах. Оҕо онтон сылтаан эрэйи көрөр. Төрөппүт оҕотун, кылаас учууталын, оскуола психологын кытта кэпсэтиэхтээх. Баҕар оҕо бэйэтин сыһыанын уларытыан наада буолуон сөп.
Оҕо тоҕо үөрэниэн баҕарбатын өйдүүр сыалтан, оҕону кытта элбэхтик кэпсэтиэххэ наада.
Оскуолаҕа, дьиэҕэ үксүн маннык дииллэр: ЕГЭ туттарбатаххына –үрдүк үөрэххэ киирбэккин! Аттестат ылбатаххына — муоста сууйа барыаҥ! – бу маннык этиилэр оҕо үөрэххэ талаһарыгар сөптөөх этии буолбаттар.
Оҕо оскуолаҕа үөрэ- көтө үөрэниэн сөп, өскөтүн:
- Уруоктар интэриһинэйдик ааһар буоллахтарына.
- Төрөппүккэ, учууталга, бииргэ үөрэнэр оҕолоругар эрэллээх буоллаҕына.
- Оскуолаҕа үрдүк таһымнаах, үчүгэй бириистээх куоҥкурустар тэриллиилэрэ.
- Оскуола иһигэр оҕо туохтан да куттаммат, учугэй турукка сылдьарыттан.
- Оҕо оскуола психологын кытта хаһан баҕарар алтыһарыттан.
- Оскуола иһинэн бэйэни саланыы үлэ сайдыылааҕыттан.
- Төрөппүт оҕотугар эрэбиллээх буолуута.
- Оскуола эрэсиимэ, уроук расписаниялара сөптөөхтүк оҥоһуллубуттарыттан.
- Дьиэ иһигэр оҕо туспа бэйэтигэр аналлаах миэстэлээх буолара.
Үөрэххэ ситиһиини талаһарга хайдах үөрэтиэххэ сөбүй?
- Оҕо тоҕо үөрэниэн баҕарбатын кэпсэтэҥҥит быһаара сатааҥ, кини эрэбилигэр киириҥ. Оччоҕо оҕо барытын кэпсиэ.
- Үөрэх олохпутугар наадалаах буоларын туһунан сырдатыҥ, быһаарыҥ. Бу кэпсэтиини кини болҕойон истэр эрэ кэмигэр оҥоруҥ, атын толкуйга сылдьар кэмигэр кэпсэтэр түмүгэ суоҕун өйдөөҥ.
- Үөрэхтээх буолан улахан ситиһиилэммит дьон туһунан көрдөрүҥ, кэпсээҥ. Бу манна киинэлэр, видеороликтар, презентациялар, хаартыскалар көмө буолуохтарын сөп. Көрөн баран оҕо чахчы «мин туох үлэһит буолуохпун сөбүй?» диэн бэйэтигэр ыйытыы туруорунуон наада.
- Оҕоҕут тугунан сөбүлээн дьарыктанарын көрөн, кини бу дьарыга оскуолаҕа ханнык предметы кытта сибээстээҕин тэҥҥэ үөрэтэн көрүҥ. Оҕо дьарыга ханнык идэлэргэ барсарын быһааран көрөн кэпсээҥ, интэриэһин тардыҥ.
- Оҕо дьарыгар кыһаллыҥ, көмөлөһүҥ. Кини курдук дьарыктаах дьону булан көрсүһүҥ. Араас барсар тэрээһиннэргэ, музейдарга, лекцияларга, маастар-кылаастарга сырытыннарыҥ. Тэҥҥэ интэриниэт ситимигэр киирэн көрүҥ.
- Өскөтүн оҕоҕут тугу да интэриэһиргээбэт, үөрэниэн баҕарбат буоллаҕына үлэннэн киирсиэххэ сөп. Россия педагога, суруйааччы А.С.Макаренко маннык диэн эппитэ: “Үлэни таптыыр, үлэҕэ үөрүйэх буолуу оҕоҕо төрүөҕүттэн баар буолбатах, үлэни таптыырга, үлэһит буоларга бэйэбит иитиибититтэн”. Биир күн оҕону ханнык эмэ идэ үлэтигэр үлэлэтэн көрүҥ. Бэйэҕит эмиэ толкуйдуоххутун сөп. Холобур, биир күн иитээччи курдук эһиги дьүөгэҕит оҕотун көрдүн, эбэтэр сөбүлээн астыыр аһын, аскытын астаан атыылаан көрүөххүтүн сөп.
Дьэ ол кэнниттэн оҕо ханнык баҕарар үлэ ыарахан буоларын өйдүө. Үлэни киһи үөрэхтээх, билиилээх эрэ буоллаҕына сатыыр эбит диэн өйдөбүллээх буолуо. Үөрэхтээх эрэ буоллахха элбэх харчылаах үлэһит буолар эбиппин диэн өйдүө.
- Эһиги төрөппүттэр оҕотугар көмөлөһөргүтүн көрдөрүҥ; репетитор булунуоххутун сөп, интэриэһинэй куурустарга суруттарыҥ, учууталлары кытта биир тыл булан икки өттүттэн кыһаллыҥ.
- Оҕо этиитин, талбыт хайысхатын убаастааҥ. Ол туохха баҕарар сыһыаннаах буолуон сөп; таҥнар таҥаһын стилэ, сөбүлүүр дьарыга, сөбүлүүр аһа. Улаатан эрэр оҕо бэйэтин улахан киһинэн ааҕынар, бэйэм барытын быһаарынабын диир. Ол быһаарыныыларыгар бэйэтэ эппиэттиргэ үөрэннин.
- Оҕоҕутун элбэхтэ хайгааҥ, кини ситиһиилэрин кытта тэҥҥэ үөрүҥ-көтүҥ. Улаатан эрэ оҕо — кыра оҕо буолбатах, кини эһиги сүбэҕитигэр, сөбүлэһэргитигэр олус наадыйар кэмэ, саамай төрөппүт өттүттэн.
Ситиһиигэ талаһыы – уһун кэмнээх. 2-3 күнтэн саҕалаан биир сылга диэри барыан сөп. Онон төрөппүттэр тулуурдаах буолуҥ!
Оҕо улаатан эрэр кэмнэрэ — оҕоҕо бэйэтигэр уонна төрөппүттэригэр ыарахан кэмнэр буолаллар. Төрөппүт бу кэмнэри оҕотугар кыһаллан, көмөлөһөн аһартаҕына барыгытыгар да чэпчэки буолуоҕа. Оҕоҕутугар көмөлөһүҥ, кини эһиэхэ махтала улахан буолуоҕа.
Алена Павлова, СӨ психология киинин Сунтаардаҕы филиалын социальнай педагога