Уһуйаан оонньуур киинэ үлэтин саҕалаата

Бүгүн, алтынньы 31 күнүгэр, Сунтаардааҕы «Кыталык» оҕо сайдар киинигэр номнуо алтыс сылын үлэлиир «Уу-чукучук» кыра саастаах оҕолор оонньуур кииннэрэ бу үөрэх дьылын арыйар маҥнайгы көрсүһүүтэ буолла. Биир сааһыгар диэри саастаах оҕолор ийэлэрин кытары 16 буолан дьарыктанан бардылар. Кинилэр бүгүҥҥү оонньуур сеанстарын иилээн-саҕалаан тэрийдилэр иитээччилэр: Л.М. Егорова, С.М. Кытахова, педагог-психолог П.И. Алексеева, музыкальнай салайааччылар Н.В. Кутанова уонна Н.А. Павлова.
Бүгүн оҕолорго уонна кинилэр ийэлэригэр билсиһии оонньуулар, тыыныыга эрчиллиилэр, тэтимнээх хамсаныылар, уонна да атын оонньуулар ыытылыннылар. Кэлэн дьарыктаммыт оҕолорбутугар, ийэлэрбитигэр махталбытын тириэрдэбит. Инникитин эһигини өссө элбэх араас тэрээһиннэр күүтэллэр.

Светлана ГРИГОРЬЕВА, «Кыталык» оҕо сайдар киинин сэбиэдиссэйи солбуйааччыта.

Читайте дальше