Уһуйаан иитээччилэригэр уонна методистарыгар аналлаах улуустааҕы сэминээр

Бүгүн, олунньу 7 күнүгэр, «ФОП ДО как механизм повышения качества дошкольного образования» диэн тиэмэлээх улуустааҕы сэминээр уһуйаан иитээччилэригэр уонна методистарыгар 7 №-дээх «Солнышко» оҕо сайдар киинигэр буолла. Барыта 60 педагог кыттыыны ылла. Сэминээр сыалынан федеральнай үөрэхтээһин бырагырааматын тула санаа үллэстии уонна уопут атастаһыы буолла. Элгээйи уһуйаанын «Елочка» иитээччилэрэ Евдокия Татаринова, Нюргустаана Алексеева ФОП-ка толору эппиэттиир бэйэлэрин уһуйааннарыгар оҥорон таһаарбыт бырагыраамаларын иһитиннэрдилэр.
Сунтаардааҕы 11 №-дээх “Кыталык” оҕо сайдар киинин сүрүннүүр иитээччитэ Светлана Алексеева «Уу-чукучук” киин үлэтэ хайдах быһыылаахтык үлэлии турарын кэпсээтэ.
Улууска 2023 сыл түмүгүнэн барыта 47 доруобуйатыгар хааччахтаах оҕо баар. Онон тэрээhин биир соругунан ФОП-ка эппиэттиир анал бырагыраамалары көрөн, онно санаа атастастылар.
Күн иккис аҥаарыгар практическай чаас буолла. Манна иитээччилэр уонна методистар ФОП-ка эппиэттиир дьарык барылын оҥороннор, саҥа ньымалары туhанан оҕоҕо хайдах интэриэһинэй дьарыктары ыыталларын хамаанданан үлэлээн, бэйэ-бэйэлэригэр билиһиннэрдилэр. Сэминээр кыттыылаахтара араас боппуруоһу дьүүллэhэн, үлэ уопутун атастастылар.
Түмүккэ хас биирдии кыттааччы сэминээргэ туох саҥаны билбитин, санаатын үллэһиннэ.

Урсууна ФЕДОРОВА,
оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитии отделын сүрүн исписэлииһэ.

Читайте дальше