Арассыыйаҕа «Педагог уонна аҕа сүбэһит» сылын чэрчитинэн ахсынньы 12 күнүгэр «Ньургуһун» оҕо сайдар киинин көҕүлээһининэн «Уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит-2023» диэн 4-с төгүлүн ыытыллар улуустааҕы күрэх буолан ааста. Бу күрэх икки түһүмэхтээх, бастакы түһүмэх, кэтэхтэн – бэйэни билиһиннэрии ону кытта видеоинтервью. Иккис түһүмэххэ кыттааччылар оҕолору кытта иитэр-үөрэтэр тэрээһиннэри ыыттылар ол кэннэ ыытыллыбыт тэрээһиннэри аҕа сүбэһит ырытыыта, толкуйдаан кэлбит проектарын көмүскээтилэр.
Иитээччилэр олус интэриэһинэй, иитэр-үөрэтэр үлэ араас ньымаларын, көрүҥүн уратытык туттан дьарыктары ыыттылар. Ол курдук, оҕолордуун дьиэ тутааччы буолан оонньоотулар, остуоруйа дойдуларыгар айаннаан, ойуулук дьоруойугар көмөлөһөн астынан дьарыктаннылар. Тэрээһиннэри ырытыыга аҕа сүбэһит билиитинэн-көрүүтүнэн төһө сөптөөхтүк ырытара сыаналанна. Бүтэһик түһүмэх проект көмүскээһинэ “Педагогческай просветительскай проект” диэн темалаах ыытылынна, бу манна иитээччи уонна аҕа сүбэһит ситимнээхтик, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн үлэлииллэрэ сыаналанна. Түһүмэхтэр иитээччи уонна аҕа сүбэһит кыахтарын таһымын, сатабылларын көрдөрөр курдук толкуйданан ыытылынна.
Күрэхтэһии түмүгүнэн III истиэпэннээх лауреат–Сусанна Потапова аҕа сүбэһит, Яна Назарова эдэр иитээччи “Солнышко” о5о саада Кириэстээх, II истиэпэннээх лауреат–Анастасия Иванова аҕа сүбэһит уонна Юлия Арсентьева эдэр иитээччи “Сардаана”оҕо сайдар киинэ, I истиэпэннээх лауреат – Евдокия Иванова аҕа сүбэһит уонна Фатима Генерова эдэр иитээччи “Туллукчаан” оҕо сайдар киинэ. Кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар – Надежда Спиридонова аҕа сүбэһит, Диана Васильева эдэр иитээччи, “Ньургуһун”оҕо сайдар киинэ.
Алена ИВАНОВА