Саха уус-уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ таҥаһы оһуордаан-мандардаан, ойуулаан-бичиктээн тигэллэриттэн , киһи эрэ хараҕа манньыйар. Бу таҥастар сиэдэрэйдик киэргэтиллэн, кэрэтик оһуорданан тахсыылара — биһиги норуот быһыытынан уратыбытын көрдөрөр.
Бүгүн, алтынньы 4 күнүгэр Сунтаар улууһугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылын чэрчитинэн, Куокуну нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, алта оҕо амарах ийэтэ, көмүс-сүүтүк иистэнньэҥ Полина Генерова, «Удьуор утумнаах Далбар Хотун» диэн айар үлэтин быыстапкалара, Сунтаардааҕы С.А. Зверев — Кыыл Уолун аатынан холбоһуктаах түмэлигэр киэҥ көрүүгэ таҕыста.
Быыстапка арыллыытыгар ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах дьон күндү ыалдьыт буоллулар. Ол курдук, улуус Аҕа баһылыгын социальнай имиджевай политикаҕа солбуйааччы Альберт Иванов, Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын плановай салаа сэбиэдиссэйэ Саргылана Конобулова, Сунтаардааҕы үөрэҕирии түмэлин салайааччыта Альбина Иванова, Сунтаардааҕы холбоһуктаах түмэл салайааччыта Альбина Федорова, Куокуну нэһилиэгин баһылыга Леонид Михалев уонна Полина Аркадьевна чугас аймахтара, доҕотторо баҕа санааларын, истиҥ-иһирэх тыллаах эҕэрдэлэрин анаатылар. Улуус Аҕа баһылыгын социальнай имиджевай политикаҕа солбуйааччы Альберт Иванов саҥа дуоһунаска үлэлии киирэн баран, бастакы тэрээһинэ Полина Генерова айар үлэтиттэн саҕаланан, ыҥырыллан турарыттан олуһун үөрдэ уонна улуус дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэ суругу туттарда. Итини сэргэ, Полина Аркадьевнаҕа «Сунтаар улууһун норуотун маастара » үрдүк аат иҥэрилиннэ.
Бүгүҥҥү быыстапка хаһаайката оҕо эрдэҕиттэн иис абылаҥар уйдаран улааппыт, дьоллоох киһи. Ол курдук кини иистэнэр дьарыгын сөбүлээн, күн бүгүнүгэр диэри араас элбэх таҥастары, сиэдэрэй симэхтэри тигэн, дьон-сэргэ махталын ылар. Оҕолоругар, сиэннэригэр үтүө холобур буолар.
Полина Аркадьевна кыыһа Софья Николаева биллэр-көстөр үҥкүү салайааччыта. Кини үҥкүүлэтэр ансаамбылыгар элбэх таҥас Полина Генерова көмүс илиитин нөҥүө тигиллэн тахсыбыта. Онон кыыһыгар кини өҥөтө, сүбэтэ-амата улахан буолуохтаах. Бу үөрүүлээх түгэни Софья Николаева салайар үҥкүү бөлөхтөрө киэргэттилэр. Быыстапкаҕа илиинэн тигиллибит ис-иһиттэн киһини абылыыр оҥоһуктар, өбүгэ саҕаттан үүнэн-сайдан кэлбит сахалыы үгэспитин, олохпут кэрэтин дьүһүн дьүөрэлэһиитинэн, оһуорунан-мандарынан ыраахха диэри кэпсиир курдуктар. «Удьуор утумнаах Далбар Хотун» айар үлэ быыстапкатын алтынньы 11 күнүгэр диэри кэлэн көрүөххүтүн, сэргиэххитин сөп.
Елизавета ТИТОВА