Бүгүн Сунтаарга «Удьуор утума» бырайыак чэрчитинэн дьиэ кэргэн үлэ династияларын кэпсиир быыстапка- бэстибээлин тэрийдилэр. Бэстибээлгэ 17 нэһилиэктэн 24 дьиэ кэргэн идэ династияларын билиһиннэрдилэр. Бырайыагы Сунтаар улууһун дьаһалтата уонна Н.М. Родионова аатынан оҕо дьоҕурун сайыннарар киин тэрийдилэр. Манна суоппардар, доруобуйа харыстабылын, метеорологтар, култуура, үөрэҕирии, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин удьуор утумнарын билиһиннэрдилэр. Тэрээһиҥҥэ кыттар аймахтар көрөөччүлэргэ бэйэлэрин удьуор утумнарын туһунан бэрт интэриэһинэйдик, сэргэхтик сэһэргээтилэр.
Кимнэр, Лидоченнар, Очосовтар омук хааннаах аймах ууһа Сунтаарга ааспыт үйэ саҕаланыыта олохсуйбуттара. Билигин кинилэр сыдьааннара култуура, үөрэҕирии идэтин баһылаабыт улууска биллэр-көстөр удьуор утумнара буоллулар.
Аатырбыт учуутал Куола Уола сыдьааннара Третьяковтар, Филипповтар, Ивановтар улууска саамай элбэх 742 үөрэҕирии эйгэтигэр сыллаахтар. Удьуор утумнарын 4 көлүөнэ учуутал сиэн кыыстара кэпсээтэ. Билигин кинилэр үгүс аймахтара Кутана орто оскуолатыгар оҕолору сырдыкка-кэрэҕэ уһуйаллар.
Снайпер Егор Петров саҕалаабыт тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин удьуор утума 588 сылга тиийдэ. Көрдөрүүгэ Куокуну сопхуос отделениета араас сылларга социалистическай күрэхтэһиилэргэ ылбыт знамя бэлиэлэрин аҕалбыттар. Удьуор утумун туһунан билигин Сунтаар улууһун тыатын хаһаайыстыбатыгар үлэлиир Антонина Кириллина кэпсээтэ.
Бордоҥтон 14 оҕолоох Дьоруой ийэ М.С. Герасимова оҕолоро, сиэннэрэ нэһилиэк 1/6 сүөһүтүн тутан олороллор. Үгүстэрэ тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктаналлар. Ол иһин, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир элбэх сыллаах халыҥ удьуор аймах буолаллар. Бары кэриэтэ хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэллэр. Кинилэр тыа хаһаайыстыбатыгар удьуор утумнарын 433 сыл диэн аахпыттар. Ыччат дьон эмиэ тыа хаһаайыстыбатыгар сыстан удьуор утумнара быстыбат кэскиллээҕин көрдөрдүлэр.
Фермер идэлээх Станислав Семенов төрүччүтүн саҥа үөрэтэн саҕалаабыт. Кини быыстапкаҕа төрүттэрэ тутта сылдьыбыт малларын уонна удьуор утумун кэпсиир матырыйаалы көрдөрүүгэ аҕалбыт. Эдэр киһи бэйэтин төрүччүтүн үөрэтиэн баҕалааҕа хайҕабыллаах.
Сунтаарга үөрэҕирии эйгэтигэр биллэр, убаастанар 319 сыл удьуор утумнаах Жирковтар халыҥ аймахтара династияны төрүттээбит буойун учуутал Т.Н. Жирков тутта сылдьыбыт малын, сэриигэ бэлиэтэммит күннүктэрин аҕалан көрдөрүүгэ туруордулар. Дьүүллүүр сүбэҕэ улахан дьону тэҥэ оҕолор үлэлээтилэр.
Тэрээһин түмүгүнэн бэстибээлгэ кыттыбыт бары дьиэ кэргэттэргэ “Удьуор утума” диэн бэлиэ туттардылар. “Бастыҥ альбомнаах” дьиэ кэргэттэринэн Кутанаттан Третьяковтар, Дьаархантан Семеновтар, Кириэстээхтэн Ушатовтар буоллулар. Оттон кыайыылаахтарынан Бүлүүчээнтэн Гуляевтары, Сунтаартан Сергеевтэри, Хороттон Поповтары, Бордоҥтон Герасимовтары ааттаталаатылар.
Мира АФАНАСЬЕВА