Аан дойдутааҕы түмэл күнүгэр С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан холбоһуктаах түмэл “Түүҥҥү түмэл” диэн аһаҕас аан күнүн ыытта. Бу күн түмэл нэһилиэнньэҕэ анаан киэһэ 22.00ч. түүн 03.00ч. диэри экскурсия тэрийдэ. Түмэлгэ кэлбит ыалдьыкка аан бастаан “аудиогид” кэтэрдэн экскурсияҕа бэлэмнээтилэр. Онтон үлэһиттэр түмэл иһинэн ыас хараҥаҕа сылдьан экспонаттарын фонарик уотугар тыктаран кэпсээтилэр. Көрөөччүлэр туохха да атыҥҥа аралдьыйбакка ураты турукка киирэннэр түмэли көрдүлэр, бэйэлэригэр элбэх саҥаны-сонуну арыйдылар. “Күлүк уотугар экспонаттар тиллэн кэлэр курдуктар…” диэн бу киэһэ сылдьыбыт дьон санаатын үллэһиннэ.

Түмэл- түмэр эрэ буолбатах, түмэл- былыргыны, уруккуну сөргүтэн таһааран үйэлээх үлэлэри оҥороллорун бу түмэлгэ көрүөххэ сөп. Үлэһиттэр бэйэлэрин күүстэринэн 19 үйэтээҕи саха дьахтарын кыһыҥҥы толору таҥаһын, киэргэлин оҥорбут экспонаттарын бу киэһэ тыыннааҕымсытан көрдөрдүлэр. Эмискэ 19 үйэтээҕи дьахтар илэ хааман кэлэн көрдөрүүгэ турбутун соһуйан эрэ хааллыбыт. Ону таһынан, үрүҥ көмүс ат симэҕин оҥорбуттарын эмиэ сөҕө-махтайа көрдүбүт. Түмэлгэ хараллан турар саамай сыаналаах, күндү экспонат “Тойон айах чороон” фонарик уотугар өссө улаатан, оһуора-мандара тупсан көһүннэ.
Хойукка диэри дьон кэлэ турда. Түмэл маннык ураты киэһэни бэлэхтээн дьону сэргэхситтэ, уруккуну-хойуккуну сыаналыырга, саныырга угуйда.

Мира АФАНАСЬЕВА