Тыа киһитэ барахсан сайынын оттоон, сир астаан, сыыйа кыстыкка киирдэ. Дьиэ ис-тас үлэтиттэн сынньана, аралдьыйа таарыйа Маар Күөлбүтүгэр түөлбэнэн күрэхпит салҕанар. Кулууппутугар дартска күрэхтэһии буолла. Күрэхтэһиини нэһилиэк баһылыга Сергей Саввинов уонна успуорт инструктора Олег Наумов иилээн-саҕалаан ыыттылар. Түөлбэлэр кыайыыга дьулуһан эрчиллибиттэрэ, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ харахха быраҕыллар.
Түөлбэттэн дьиэ кэргэнинэн кэлэн күрэхтэһиигэ кыттыбыттара хайҕаллаах. «Түмэн» түөлбэҕэ Никифоровтар, Семеновтар, «Мастыыр» түөлбэттэн Константиновтар. Сытыы киирсиилэр кэннилэриттэн кыайыылаах үрдүк аатын «Түмэн» түөлбэ, иккис миэстэни «Мастыыр», үһүс «Орто» түөлбэ буоллулар.
Салгыы эр дьоҥҥо, дьахталларга абсолютнай киирсии буолла. Дьэ манна өрөйүү-чөрөйүү кытаанаҕа. Кылаан кыайыылаах үрдүк ааты дьахталларга Алена Потапова, эр дьоҥҥо Андрей Семенов буолан мэтээлинэн, грамотанан наҕараадаланнылар.
Түөлбэнэн күрэхтэһиилэр салгыы торумнаммыт былаан быһыытынан сыл бүтүөр диэри барар.
Екатерина ИВАНОВА,
уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн