Тыатааҕылар мэнээктииллэр

Бордоҥ аннынан өрүһүнэн тыатааҕы оҕото харбыы сылдьарын нэһилиэк олохтооҕо Екатерина Юрьевна Михайлова видеоҕа устубут. Ойуур хаһаайынын оҕото кытылга тиксэн истэҕинэ ыттар үрэннэр төттөрү устубут. Бу бэҕэһээ, от ыйын 15 күнүгэр, киэһэ тоҕус чаас саҕана эбит.

Манна даҕатан эттэххэ, ханна баҕарар тыатааҕы элбээбитин, чугастааҕы сыһыыларга, оттуур сирдэргэ, ойуурга сылдьарын туһунан элбэхтик суруйаллар. Бэл, үүтээннэри, сайылык дьиэлэрин сүргэйбитин туһунан куйаар ситимигэр элбэхтик таһаардылар.

Улуустааҕы Экология надзорун инспекциятын салайааччыта Сергей Николаев: «Бу кэлиҥҥи кэмҥэ ойуур баһаардара үксээннэр, тыа олохтоохторо куотарга күһэллэллэр. Онуоха эбии аһыыр астара да кэмиттэн кэмигэр кэмчитийэн сир уларыталлар. Онон атын сиргэ айанныахтарын сөп. Ону сэргэ кыыллар  сылдьар сирдэрин (территорияларын) былдьаһан үүрсэр буоллахтара. Билигин, былыргы курдук, сохсонон игин бултааһын суох, уопсайынан, адьырҕа кыылы бултуурга бобуулар, хааччахтар баалларынан, кинилэр төрөөн-үөскээн элбииллэр дии саныыбын.

Түгэнинэн туһанан, сир астааччылар, балыксыттар тыа адьырҕатыттан сэрэхтээх буоларгытын санатабын. Ойуурга элбэх буолан сылдьар ордук. Тыатааҕы элбэх киһиттэн куттанар, дьалты туттар», — диир.

 

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше