Тыа сирин биир сүрүн үлэһитэ – бэтэринээр

 Атырдьах ыйын 31 күнүгэр Арассыыйаҕа бэтэринээр күнэ бэлиэтэнэр

Бэтэринээр диэн биһиэхэ, тыа сирин дьонугар, сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы иитээччилэргэ биир ураты чугас үлэһиттэр. Идэлээх күннэрин көрсө бу эйгэҕэ олоҕун анаабыт, күн бүгүн үлэлии сылдьар, эдэр дьоҥҥо холобур буолар Кириэстээх нэһилиэгин олохтооҕо Валериан Усов туһунан сырдатабыт.

Валериан Федотович билигин төһө эмэ 82 сааһыгар сырыттар, бэйэтин үтүмэн уопутуттан, билиититтэн-көрүүтүттэн эдэр дьон киниттэн элбэххэ үөрэнэллэр. Киэҥ билиилээх, элбэх көрдөөх-нардаах кэпсээннээх, сахалыы толкуйдаах, сэмэй, холку үлэһит киһи диэн биир дойдулаахтара кэпсииллэр. Кини бэтэринээр үлэтигэр 46-с сылын сылдьар. Бэйэтин олоҕуттан быһа тардан ааҕааччыларга бу курдук билиһиннэрэр:

– Мин сэрии тулаайаҕа буолабын. Тойбохой 10 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, холкуоска 1 сыл фермаҕа үлэлээбитим. Кырдьаҕас дьоммун көрөр-харайар ытык иэспин төлөһөөрү тыа сиригэр наадалаах бэтэринээр быраас идэтщигэр 1964 с. СГУ ТХФ бэтэринээр салаатыгар киирэн 1969 с. бүтэрбитим. Сунтаар бэтэринээринэй ыстаансыйатыгар эпизоотологунан ананан кэлбитим. Ол саҕана сүөһүгэ араас сыстыганнаах ыарыылар: бруцеллез, туберкулез,чесотка о.д.а бааллара. Үксүлэрэ киһиэхэ кытта сыстыганнаах этилэр. Бу ыарыылары утары охсуһар урут даҕаны, билигин даҕаны бэтэринээр үлэһиттэр ытык иэспит. Бэтэринээр сулууспатын сыралаах үлэлэринэн бу ыарыылар үксэ суох оҥоһуллубуттара. Хос көбөн тахсыбаттарын туһугар сэрэтэр былааннаах үлэлэр билигин мэлдьи ыытыллаллар.

Бу үлэлээбит кэммиттэн өйдөөн хаалбытым диэн, 1971 с. Саха сиригэр сибирскай язва туран, Удачнайга Мииринэй оройуонугар баран икки ыйы быһа үлэлэспитим. Күн аайы танкетканан суола-ииһэ суох сиринэн точкаларга тиийэн кыыл табалар, тайахтар өлүктэрин уматар этибит. Геологическай баартыйалары кэрийэн дьону прививкэлиир кытаанах үлэҕэ сылдьыбыппыт.

Бэтэринээр идэтэ сүөһү иитиитигэр, уопсайынан хамсыырхарамай баарын тухары наада бөҕө буоллаҕа. Кыыллары сөбүлүүр, бу үлэни сэргиир ыччат дьон билигин да бааллар. Манна сүрүнэ, хамнастара эрэ үчүгэй буоллар, бу идэҕэ үөрэнэн, баһылаан туһалаах үлэһит буолар дьон элбии туруо этэ.

Мин 1969 сылтан 46 сыл бэтэринээринэй сулууспаҕа Ки­риэстээх нэһилиэгэр үлэлээтим. Алта сыл управляющайдаан, 2 сыл нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит кэмнэрдээхпин.

Кэллиэгэлэрбин идэлээх күммүтүнэн – Бэтэринээринэй сулууспа үлэһиттэрин күнүнэн – эҕэрдэлиибин! Чэгиэн-чэбдик буолуҥ!

Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА.  

Читайте дальше