Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар күүстээх былаан

От ыйын 23 күнүгэр улууспутугар СӨ тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Сахаяна Павлова, кинини кытта СӨ мелиорациятын салайааччыта Дмитрий Махаров, мелиорация Ньурбатааҕы филиалын салайааччыта Алексей Васильев тыа хаһаайыстыбатыгар үлэ-хамнас хаамыытын, боппуруостарын быһаарса кэлэ сырыттылар.
Күн иккис аҥаарыгар Аллыҥа, Тойбохой, Куокуну, Уһун Күөл, Кириэстээх нэһилиэктэригэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылары кытары көрүстүлэр, үлэ-хамнас кыһалҕаларыгар, мелиорация боппуруостарыгар олохтоохтор санааларын иһиттилэр.

Өрөспүбүлүкэҕэ быйылгыттан тыа хаһаайыстыбатыгар улахан уларыйыылар киирдилэр.
СӨ тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Сахаяна Павлова бу курдук кэпсиир: “Сунтаар улууһугар кэлбит сыалбыт-сорукпут Ил Дархаммыт Айсен Николаев ыйааҕын чэрчитинэн 2030 сылга диэри тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдыытыгар күүстээх былааннах үлэ барыахтаах. Туруоруллубут сорук туолуохтаах. Онон бу миэстэтигэр тэрилтэлэри, тустаах исписэлиистэри кытары көрсөммүт кэпсэтии үлэтин ыыта сылдьабыт. Сүрүн үлэ сир оҥоһуутугар, астааһыныгар буолар. Биһиги оҥорон таһаарар бородууксуйабытын — эт да, үүт да өттүн, оҕуруот аһын даҕаны элбэтиэхпитин, үрдэтиэхпитин баҕарар эбит буоллахпытына биһиги сири кытта үлэлэһиэхпитин наада. Оттон Сунтаар улууһугар кэккэ тыын боппуруостар бааллар. Уу түһэриитигэр, Бордоҥ өттүгэр Лиман систиэмэтигэр кэккэ үлэлэр ыытыллаллара наада.
Биһиги кормовой базаны, 3 бырыһыан мелиоративнай систиэмэни холбоон туран сири тупсаран, үүнүүнү үрдэтиэхтээхпит диэн сыал-сорук туруорунан былааннаахтык үлэлиэхтээхпит.
Бу үлэлэр быйылгыттан номнуо саҕаланнылар. Бу үлэҕэ уопсайынан 16 хаһаайыстыба бэйэтин сайаапкатын биэрэн олорор. Сайаапкалары от ыйын 29 күнүгэр диэри хомуйаллар. Ону таһынан культурнай-техническэй үлэлэргэ уонна бааһыналары чөллөрүгэр түһэриигэ биһиги Ил Дархаммыт ыйааҕар олоҕуран 2030 сылга диэри 50 тыһ. гектар иэннээх сиртэн 70 тыһ. гектар иэннээх сиргэ диэри тахсыахтаахпыт. Ону таһынан биһиги бэйэбит бородууксуйабытын бары хайысханан балтараа төгүл үрдэтиэхтээхпит”.

Инникитин биһиги улууспутугар мелиорацияҕа, сири кытта үлэҕэ болҕомто ууруллан, ситимнээх үлэ барар былааннара баарын, тыа хааһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарары сайыннарыы, кэҥэтии барыахтааҕын туһунан иһитиннэрдилэр.
Бу көрсүһүүлэртэн тыа үлэһит дьоно элбэҕи биллэ, иһиттэ уонна санааларын үллэстэн астыннылар.

 

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ

Читайте дальше