Кырдьаҕас, кыаммат дьоҥҥо кинилэр чэгиэн-чэбдик сылдьалларыгар сөптөөх усулуобуйа, болҕомто, өйөбүл тэриллэн ситимнээх үлэ барар.
Ол курдук, биһиги улууспутугар Бордоҥ нэһилиэгэр баар врачебнай амбулаторияҕа паллиативнай отделениеҕа, сиэстэрэлэр көрүүлэригэр-истиилэригэр аҕам көлүөнэ доруобуйатын тупсарынар.
Кинилэри көрүүгэ-истиигэ, эмтииргэ 10 куойка миэстэ баар. Бу манна 60-тан үөһэ саастаах дьон улууспут нэһилиэктэриттэн кэлэн 20-30 күҥҥэ доруобуйаларын бөҕөргөтөллөр. Ону тэҥэ, доруобуйаларыгар хааччахтаах, ороҥҥо-тэллэххэ сытар, инсульт ыарыынан ыалдьыбыт, киһи көрүүтүгэр наадыйар дьон медицинскэй эмтэниини ылан тахсаллар.
Балыыһаҕа баар кырдьаҕастар олохтоох үлэһиттэр болҕомтолоох, истиҥ сыһыаннарын бэлиэтээн этэллэр, маннык балыыһа биһиги улууспутугар арыллан хаһыс да сылын үлэлии турарын астына бэлиэтииллэр, үлэһиттэргэ махталларын этэллэр.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше