Туруктаах, өйөбүллээх дьиэ кэргэн — олох эргийэр киинэ

Дьиэ кэргэҥҥэ анаммыт дэкээдэ чэрчитинэн, Кириэстээххэ «Дьиэ кэргэн – дьол, таптал уйата» диэн олус интэриэһинэй тэрээһин ыытылынна. Манна нэһилиэкпит дьаһалтатыттан сүрүн исписэлиистэр кэлэннэр, нэһилиэнньэҕэ сырдатыы быһыытынан бэрт элбэҕи кэпсээтилэр, дьон ыйытыытыгар хоруйдаатылар.

Дьаһалта сүрүннүүр исписэлииһэ Галина Сортолова элбэх оҕолоох ыалларга өйөбүл, Ил Дархан элбэх оҕолоохторго көрүллэр саҥа миэрэлэрин, социальнай хантараак саҥа көрүҥнэрин, тырааныспар ылыытын туһунан, өйөөһүн дьаһаллара өссө да эбиллэ туралларын, “Саха сирэ, иннибит диэки!” бырагыраамаҕа элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүн дьаһалларын элбэтии былааннарын туһунан иһитиннэрдэ.

Землеустроитель Лена Степанова үстэн элбэх оҕолоох ыалга сир, уһаайба туһунан, Уһук Илиҥҥи гектар, ипотека болдьоҕуттан саҕалаан хайдах туһаныахха сөбүн сиһилии сырдатта, “Единовременная денежная выплата многодетным семьям взамен земельному участку” диэн буклеттары түҥэттэ.

Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону аныгы кэмҥэ кинигэ ааҕыыга хайдах уһуохха, көҕүлүөххэ сөбүн туһунан нэһилиэк бибилэтиэкэрэ буоларым быһыытынан кэпсээтим, санаа атастастым. Ону сэргэ дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах кинигэлэри билиһиннэрдим.

Саха ыала – бу өрүү нус-хас олох эргийэр киинэ, кэнэҕэски кэскили түстүүр сиэр-туом уйата. Изабелла Платонова-Сыдьаайа эдэр ыалга дьиэ кэргэн ытык өйдөбүлүн, күннээҕи олоххо туттуллар туомнары билиһиннэрии, ытыгылааһын, тарҕатыы бу биһиги сыалбыт-сорукпут буолар диэн туран, бу сырыыга алаадьыны сөпкө тутан-хабан астааһын, талах миинньиги сөптөөхтүк оҥоруу, суолтатын туһунан кэпсээтэ. Салгыы кэлбит дьон Сыдьаайа сүбэтинэн миинньик оҥостон дьиэлэригэр илдьэ бардылар. Төгүрүк остуол кыттыылаахтарыгар чэйгэ туттуллар оттоох, хатыҥ собо тылын саҕа сэбирдэҕиттэн оҥоһуллубут набордары бэлэх уунна.

Төгүрүк остуолтан сонуннары истэн, ыйытыылары биэрэн, икки өттүттэн санаа атастаһан, алаадьылаах сандалыга чэйдээн тарҕастыбыт.

 

 

Людмила ДАНИЛОВА, «Сунтаар сонуннара» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ

Читайте дальше