«Тулуурдаах буолууну, сырдыкка эрэли»

Байыаннай дьайыыга Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьар хорсун санаалаах биир дойдулаахтарбыт элбэхтэр. Кинилэринэн биһиги бары киэн туттабыт уонна сүгүрүйэбит. Билиҥҥи балаһыанньа барыбытыттан түмсүүлээх, болҕомтолоох, үтүөҕэ эрэллээх буолууну эрэйэр.

Бүгүн биһиги анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрсөн сэһэргэстибит.

Татьяна, Сунтаар олохтооҕо:

— Биһиги дьиэ кэргэн аҕабыт Сергей 2022 с. балаҕан ыйыгар быстах хомуурга ыҥырыллан барбыта.  Кэргэним Маар Күөлтэн төрүттээх, ыал буолан олорбуппут алта сыл буолла. Үс оҕолоохпут, улахаммыт 2-с кылаас үөрэнээччитэ, икки кыралар уһуйаан иитиллээччилэрэ. Луганскай сиригэр минометнай батареяҕа сылдьар. Атырдьах ыйыгар уопускаҕа 15 күҥҥэ кэлэн барбыта. Сылдьыбыт сырыытын улаханнык кэпсээбэт, арай айылҕата уратытын, виноград үүнэрин сэһэргээн ааспыта. Аҕабыт сибээскэ тахсарын мэлдьи долгуйа күүтэбит. Сынньалаҥ биэрдэхтэринэ эрэ өр буола-буола сибээстэһэр. Арыт телеграм нөҥүө суруйар эбэтэр төлөпүөнүнэн эрийэр.

«Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат” диэбиккэ дылы, аҕабыт үлэтин тэрилтэтэ  — улуус дьаһалтата күүс-көмө буолан оттук маспын тиэйэн, сарайбар опилка кутан субуотунньуктаабыттара. Кэлэ-бара хайдах олорорбутун ыйыталаһа, билсэ тураллар. Ону сэргэ, Маар Күөл нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата муус ылан биэрбиттэрэ. Сыл устата бырааһынньыктарга, олохтоох уонна улуус дьаһалталара, «Арассыыйа ийэлэрэ” түмсүү аһынан-үөлүнэн, бородууктанан көмөлөспүттэрэ.

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар эр дьон кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр бары чугас дьонноругар тулуурдаах буолууну, үчүгэйгэ эрэли баҕарабын. Эйэлээх олох иһин туруулаһа сылдьар күүстээх аҥаардарбытыгар үтүө, сырдык санаабытын ыытан, этэҥҥэ сылдьан кэлиэхтэрэ диэн эрэниэххэйин. 

Маргарита, Дьаархан:

— Мин бииргэ төрөөбүт быраатым Валера 2022 сылга балаҕан ыйын 23 күнүгэр бастакы хомуурга ыҥырыллан “ийэ сирбин көмүскүүбүн” диэн санаалаах барбыта. Билигин Запорожскай уобаласка сылдьар. Аҕыйах хонугунан сынньалаҥҥа кэлэрин кэтэһэ сылдьабыт. Үксүн бассаап нөҥүө сибээстэһэбит. Нэһилиэкпит дьаһалтата, түөлбэбит олохтоохторо муус тиэйэн, саһаан туруоран, хаар таһан, аһынан-үөлүнэн күүс-көмө буолаллар. Баҕа санаам диэн, бары этэҥҥэ сылдьан кэлэллэригэр уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бары үтүөнү, саҥа барар уолаттарга өй-санаа, эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх баралларыгар баҕарабын.

Наталия, Сунтаар:

-Биһиги дьиэ кэргэн аҕабыт Андрей С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Олоҥхо киинигэр үлэлии сылдьан, күһүн бастакы хомуурга ыҥырыллан барбыта. Икки оҕолоохпут. Билигин Запорожьеҕа сылдьар. Сайын уоппускаҕа кэлэн сынньанан барбыта. Сырыытын ыарахан диир, улаханнык тугу да ыйыппаппын, бэйэтэ да кэпсээбэт. Кэргэним тэрилтэтэ биһиэхэ олус кыһаллар. Ол курдук, дьиэм ис-тас үлэтигэр күүс-көмө буолаллар, сотору-сотору сибээстэһэн ыйыталаһа тураллар. Оттук мас тиэйэн аҕалбыттара, уу хачайдаабыттара, септик хаппаҕын оҥорбуттара, уолбут бу күһүн оскуолаҕа киирэригэр бэлэх туттарбыттара.  Ону тэҥэ, “Арассыыйа ийэлэрэ» түмсүү аһынан-үөлүнэн, бэйэм үлэлиир тэрилтэм күһүн үөрэх тэрилинэн бэлэх оҥорон үөрдүбүттэрэ. Күһүн «Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин чилиэнэ” диэн улууспут дьаһалтатын дастабырыанньатын туттарбыттара. Бу манан араас чэпчэтиилэринэн туһанабыт. Байыаннай дьайыыга сылдьар дьон дьиэ кэргэттэригэр төһө да ыараханын иһин, тулуурдаах буолууну баҕарабын.

Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьар дьоммут сотору кэминэн этэҥҥэ эргиллиэхтэрэ диэн күүстээх бигэ санаалаахпыт.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше