Сунтаар Тойбохойугар бу күһүн ипподром арыллыбыта. Хаһаайыттар Корниловтар ат сүүрдүүтүн сайыннарар баҕалаахтар.
Бу күннэргэ Пятигорскайтан өссө биир сүүрүк аты аҕаллылар. Күрэҥ өҥнөөх, сүүһүгэр маҥан туоһахталаах ат соторутааҕыта эрэ Краснодарскай кыраайга сүүрэ сылдьыбыта. Ян Корнилов бу ыраас хааннаах» Стрим Плей» диэн сүүрүк аты сөбүлүү көрөн, ситиһиитин сэргээн бу сайын Пятигорск куораттан ылынарга быһаарыммыта.
Стрим Плей Тойбохойго икки нэдиэлэ устата айаннаан кэллэ. Аты биллиилээх жокей, атын сиртэн аттары аҕалыынан дьарыгырар Николай Терентьев аҕалла. Мантан инньэ бу аты саха киһитин көҕүн тутар ат сүүрдүүтүн түһүлгэтигэр элбэхтэ көрүөхпүт турдаҕа.
Корниловтар хаһаайыстыбаларыгар маннык ыраас хааннаах үс ат баар — Стрим Плейы кытта Кыыс Хотун уонна Гридница. Кинилэри кэкэ саха аттара бааллар. Ону кытта бу күһүн «Тещин язык» туристическай комплекстан “Заколка” уонна “Завиток” диэн понилары аҕалбыттар. Хаһаайыттар мантан инньэ дьону аты миинньэргэ үөрэтэллэрин уонна атынан айан тэрийэр санаалаахтарын сэргээтим.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА