Тойбохойго буойуннар ааттарын үйэтитэн буулдьанан ытыыга күрэхтэһии буолла

Рустам Егоров, Александр Чириков иккиэн Тойбохой оҕо дьиэтигэр иитиллибит уолаттар. Анал байыаннай дьайыыга Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьан сэрии толоонугар охтубуттар…

Эдэркээн буойуннар сырдык ааттарын үйэтитэн олунньу 16 күнүгэр Тойбохойго буулдьанан ытыы күрэһэ тэрилиннэ. Тэрээһин саҕаланыытыгар уолаттар оҕо дьиэтигэр хайдах кэлбиттэрин, туох-ханнык ситиһиилээхтэрин, Рустам олус сэмэй, эр киһилии дьоһуннааҕын, онтон Саша төттөрүтүн сытыы-хотуу, күнүнэн көрбүт уол ситиһиитэ ааҕан ситиллибэтин истэн уйадыйан ыллыбыт. Бу туһунан кинилэри ииппит, ийэ, аҕа кэриэтэ дьонноро Тамара, Василий Пермяковтар, Николай Егоров, Елизавета Васильева санааларын үллэһиннилэр. Кинилэри кэккэ Сунтаартан Лилия Григорьева — анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар ийэлэрин түмсүүтүн кыттыылааҕа, Варвара Яковлева — Сунтаартан анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга көмө буолар сүрүннүүр үлэһит кэлэн үтүө тылларын анаан, Сунтаартан «Өрөгөй» эр дьон ырыа ансаамбыла, Роман Амонов «Алеша» тааҥка туһунан ырыаларынан өрөгөй түгэни суолталаан биэрдилэр.

Күрэхтэһиигэ Дьаархантан, Уһун Күөлтэн, Сунтаартан, Тойбохойтон 36 киһи кыттынна. Муҥутуур кыайыылааҕынан Тойбохойтон Александр Тихонов, хамаанданан Тойбохой бастакы хамаандата кыайыылаах буоллулар.

Киэһэ өттүгэр Саша Чириков аатын үйэтитэн олорбут дьиэтигэр кини аатын көмүс буукубаларынан суруйан үйэтиттилэр.

Манан диэн эттэххэ Тойбохой оҕо дьиэтиттэн 10 киһи ийэ дойдуларын көмүскүүллэр, онтон иккитэ кинилэр буолаллар.

Бу тэрээһиҥҥэ улахан махтал бириискэ көмө буолбут уолаттар доҕотторугар, бииргэ үөрэммит оҕолоругар, анал байыаннай дьайыы уонна Чечня сэриитин кыттыылаахтарыгар, үтүө санаалаах улууспут тэрилтэлэригэр ананар.

С.Г.Кривошапкин аатынан Сунтаардааҕы дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиитигэр көмөлөһөр киин бу курдук эдэркээн ыччаттар ааттарын үйэтитэн араас хабааннаах үлэни ыыталлара сөптөөх, кинилэр толук буолбут кылгас олохторо ийэ дойду туһугар этэ…

 

 

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше