Тойбохойго 119 ыалга баһаары сэрэтэр тэрили туруордулар

Ол курдук, бу сылга киирэн баран Тойбохойго нэһилиэк дьаһалтата, 5 №-дээх Тойбохойдооҕу баһаарынай чаас уонна Сунтаардааҕы 31 №-дээх баһаарынай үлэһиттэрэ биирдиилээн ыалга баһаары сэрэтэр тэрили туруоран биэрдилэр. Бу «Предупреди  пожар – установи АДПИ» аахсыйа чэрчитинэн ыытылынна. Ол курдук, 119 ыалга быйыл бу тэрили туруордулар. Бу олус абыраллаах тэрили туруорууну сэргэ олохтоохторго баһаартан сэрэхтээх буолууга, өскөтүн умайыы тахсар түгэнигэр ханнык төлөпүөн нүөмэрдэригэр эрийиллэрин туһунан өйдөтүү, иһитиннэрии оҥордулар.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Манна даҕатан эттэххэ, улуус үгүс нэһилиэктэрин ыаллара баһаары сэрэтэр тэрили 100 бырыһыан туруорунан олороллор. Аахсыйа чэрчитинэн үлэ салгыы баран, Сунтаар, Тойбохой нэһилиэктэригэр АДПИ туруоруохтара.

Баһаары сэрэтэр тэрил (АДПИ) кыра да умайыы сибикитэ баар буоллаҕына тута улаханнык тыаһаан биллэрэр, утуйа да сытар дьону уһугуннарар кыахтаах. Батарыайанан иитиллэр («Крона» курдук батарыайа), иитиитэ сылтан ордук болдьоххо тиийэр. Аналитиктар этэллэринэн, АДПИ-ны туттуу киһи сиэртибэтин ахсаанын  64-69%, баһаар тахсыытын 25-30%, материальнай хорумньуну 19-26% аҕыйатар.

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше