Тойбохой Далбардарын ситиһиилэрэ

Тойбохойдооҕу Клара Степановна уонна Александр Вассильевич Тихоновтар ааттарынан «Кыталык» култуура киинин иһинэн үлэлиир сааһыра баран көмүс күһүҥҥү саастарыгар сылдьар саха  далбардара  түмсүбүт “Далбардар” үҥкүү ансаамбыла хореограф, СӨ култууратын туйгуна Мария Семенова салалтатынан,  ахсынньыга дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка баран федеральнай таһымнаах «Танцевальный трофей России» бэстибээл-күрэххэ кыттыбыттара. Онно тиийэн «Ыаҕайалаах үҥкүү” уонна “Танцевальное признание России” диэн бэстибээл-күрэххэ  “Айылҕалыын алтыһыы” диэн үҥкүүлэринэн кыттан, иккиэннэригэр “Бастакы истиэпэннээх лауреат” үрдүк аатын сүгэн дипломунан, мэтээллэринэн, кубогынан наҕараадаламмыттара. Ансаамбыл үс далбарын төрөөбүт күннэрэ онно сырыттахтарына сөп түбэһэн, Москва рестораннарыгар атааран,  сүргэлэрэ көтөҕүллэн, атахтара сири билбэт буола үөрэн-көтөн дойдуларыгар кэлбиттэрэ.

Москваҕа саҥа тиийбит дьону  «Внуково» аэропортан столица Измайловскай оройуонун «Гамма» гостницатыгар диэри бөлөҕүнэн тахсалларыгар автобуһунан көрсөн, арыаллаан, босхо таһааран биэрбиттэригэр СӨ ТХМ-ын Москва куоракка бэрэстэбиитэлэ, бэйэбит уолбутугар Иван Поповка, СӨ Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта Андрей Федотовка, быһаччы үлэлэспит Сафонова Мария Сафоноваҕа ансаамбыл кыттыылаахтара барҕа махтал тылларын этэллэр.

Онус сылын дьарыктанар “Далбар” үҥкүү ансаамбылын кыттыылаахтара инники былааннара өссө да киэҥ. Утумнаахтык дьарыктанан, инникитин өссө да үрдүк таһымҥа тахсан, нэһилиэктэрин аатын дорҕоонноохтук ааттатан, саҥаттан саҥа үрдэллэри дабайарга баҕа санаалара муҥура суох. Онно кинилэргэ куорсун анньааччынан салайааччылара Мария Николаевна олохтоохтук ылсан, нэдиэлэҕэ иккитэ кулуупка мунньан, күүскэ дьарыктаталыыра, көтүппэккэ сылдьалларын ирдиирэ төһүү буолар. Мария Николаевна тугу эттэ да, ансаамбыл кыттыылаахтара барытын үөрэ-көтө толорорго түбүгүрэллэр. Үҥкүүлэрин таҥаһын  ансаамбыл кыттыылааҕа Мария Иванова оҥорон биэрбит эскиһинэн Светлана  Контогорова салалтатынан бэйэлэрэ тиктэллэр.  Кинилэргэ кырдьар сааһы кыйдаан, куруук дьону-сэргэни кытта тэҥҥэ үөрэ-көтө сылдьарга, сааһырдым диэн сууланан кэбиспэккэ, үҥкүүлээн, ыллаан-туойан сылдьарга үтүө холобур буола сылдьар дьүөгэлэринэн 78 саастаах Дора Кирилловна Васильева буолар. Кини төһө да сааһырдар, кэлэктиип биир тутаах киһитин быһыытынан нэһилиэнньэҕэ  да, кэлэктиипкэ  да чаҕылхай холобур, үтүө сүбэһит быһыытынан билиниллэр. Ансаамбыл кыттыыта суох биир даҕаны нэһилиэк, улуус да тэрилтэтэ буолбат. Онно барытыгар эттилэр да, кэлэктиип үөрэ-көтө тырааныспар көрдөһөн булан кыттан иһэр. Онно аккаастаабакка сөбүлэһэн, киллэрэр-таһаарар суоппардарга кэлэктиип махтала муҥура суох.

Ансаамбыл өрөспүүбүлүкэ иһигэр буолар күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кыттар, сылтан сыл таһымнара үрдээн, ситиһиилэрин чиҥэтэн биэрэн лауреат, дипломант үрдүк аатыгар тиксиилэрэ үксээн иһэр.

Түмүкпүтүгэр нэһилиэкпит киэн туттар «Далбар» үҥкүү ансаамбылыгар салайааччыгыт Мария Николаевна салалтатынан  кырдьар диэни билиммэккэ, куруук үөрэ-көтө үҥкүүлээн битийэн, дьоҥҥут-сэргэҕит ортотугар күлэ-үөрэ кыайыы көтөллөнө, ситиһии эҥээрдэнэ сылдьаргытыгар баҕарабыт.

Валерий ИЛЛАРИОНОВ                 

Читайте дальше