Тохсунньу – Таҥха Хаан ыйа. Тоһуттар тымныылаах, будулҕан туманнаах саамай тымныы ый. Түүнэ уһун, күнүһэ кылгас.
Күн-дьыл билгэтэ
Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Бу ыйы от ыйа батыһар дииллэр. Тымныйдаҕына — сайына сөрүүн, сылыйдаҕына – куйаас. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүн буолар.
1 – Саҥа сыл саҕаланар.
7 – Ороһуоспа. Бу күн былытырдаҕына, сис былыт тохсунньу 14-гэр диэри туруоҕа, былытырбатаҕына – тымныы сэтэриир. Бу күн сылыйдаҕына – сааһа тымныы, хаардаатаҕына – сайына өҥсүйэр. Киэһэтин халлааҥҥа сулус аҕыйах буоллаҕына – отон аанньа үүммэт диэн эмиэ этэллэр.
9 – Ый уонна Үргэл алтыһаллар.
14 – Баһылайап.
19 – Кириһиэнньэ. Кириһиэнньэ тымныыта түһэр. Бу күн күннээх уонна тымныы буоллаҕына – сайына кураан.
21 – бу күн тыалын соҕурууттан ыллаҕына – сайына кураан.
23 – кэбиһиилээх от кырыардаҕына – сайына самыырдаах.
24 – сис былыт кэллэҕинэ, тохсунньу 31-гэр диэри тымныы мүлүрүйэр.
25 – халлаан күннээх буоллаҕына – саас көтөр эрдэ кэлэр, хаар түстэҕинэ – ардыыр.
31 — Охонооһойоп. Дьыл оҕуһун биир муоһа тостор, тымныы мүлүрүйэн, кыһын хонуга аччаан барар.
Куйаар ситимиттэн