Дьокуускай куоракка Сунтаартан Бүлүү трассатынан айаннаан киирэн истэххэ Вилюйскай уулуссаҕа «STATUS» диэн тимир көлөнү оҥорор мастарыскыайы Сунтаар уола Артем Егоров үлэлэтэр. Үлэлэрин бастаан дьоҕус гараастан саҕалаан баран, билигин 5-6 тиэхиньикэни тэҥҥэ өрөмүөннүүр улахан гарааска тиийэ улааттылар. Сунтаартан төрүттээх уолаттар бу сиргэ тимир көлөнү оҥорор, тупсаран биэрэр хас да автомастарыскыайы үлэлэтэллэрин сэргии көрдүбүт.
Ол курдук, тиэхиньикэ эйгэтигэр үлэлиир уолаттар тутуспутунан бииргэ сылдьаллар эбит. Ону таһынан, Артем Егоров салайааччылаах «STATUS» автомастарыскыай анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын өйөөн, тимир көлөнү тупсаран, өрөмүөннээн 2 тиэхиньикэни ыыппыттара.
Автомастарыскыайга сход-развал, массыына ходовой чааһын, түннүк уларытааһына, компьютернай диагностика, сыбаарка үлэлэрин уо.д.а. оҥороллор. Үлэлэрин көрүҥэ элбэх буолан, 5 үлэһит 6 тимир көлөнү көтөҕөр тэрилгэ киэһэ хойукка диэри үлэлииллэр. Артем Егоров: «Сайыҥҥы өттүгэр ордук массыына ходовой чааһын, мотуорун уонна араас сыбаарка үлэлэрин оҥоробут», — диир.
Гараастарыгар «Хайс» массыына саппааһын атыылыыр маҕаһыын үлэлэтэллэр. Хаһаайына эмиэ Сунтаар уола. Сунтаар таксистара киирэн «STATUS»-ка» өрөмүөннэнэн, саппаас чаас ылан тахсар сирдэрэ буолла диэн уолаттар киэн тутта кэпсииллэр.
Түгэнинэн туһанан уолаттар «Сунтаар сонуннарын» хаһыат ааҕааччыларыгар «Сунтаар» диэн промокодунан 5% чэпчэтиини, ону таһынан мэлдьи «STATUS» өҥөтүнэн туһанар килийиэннэригэр эмиэ скидка көрөллөр.
Тиэхиньикэбитин эрэллээх, идэлэрин баһылаабыт Сунтаар уолаттарыгар оҥотторуохха.
Мира АФАНАСЬЕВА