Кыһыҥҥы суолбут хаалыан иннинэ улахан уйуктаах тиэхиньикэлэр тиэйэр-таһар үлэлэрэ түмүктэнэр. Сунтаар улууһун биир улахан бырамыысыланнай тэрилтэтэ «СунтарЦеолит» ХЭТ биир маннык үлэтин эмиэ түмүктээтэ. Бу туһунан тэрилтэ салайааччыта Петр Попов билиһиннэрэр:
– Биһиги сылга ортотунан 50 тыһ. тонна чоҕу хостуубут. Быраһаай Тиит диэн ыскылаакка өрүс хаҥас өттүгэр баар хочуолунайдарга балаҕан ыйыттан – тохсунньуга диэри, кыһыҥҥы суол туруор диэри, уопсайа 23 тыһ. тонна курдук чоҕу тиэйэн киллэрдибит. Улууспутугар чоҕу сүрүн туһанааччынан улахан тэрилтэ – ОДьКХ ГУТ филиала буолар. Кинилэр 35 тыһ.тоннаны ылаллар, ону таһынан биирдиилээн кыра хочуолунайдар туһаналлар. Сайыҥҥы өттүгэр Ленскэй оройуонугар илдьээччибит. Маны сэргэ цеолиппытын кыһыҥҥы суол баарына Мииринэйгэ 34 тыһ.тоннаны тиэйэн олоробут. Ону таһынан сайыҥҥы кэмҥэ Кэмпэндээйи суолун өрөмүөнүгэр туһаныллар гравий, буор тиэллэн бүттэ.
Билигин карьердарбытыгар чох хостооһунун үлэтэ бара турар. Быһааран этэр буоллахха, карьербыт 40-50 м дириҥнээх. Сир (буор) үөһээҥҥи араҥатын 25 м буору хаһан киирэн сиргэ дириҥник сытар чоххо тиийэбит. Онтон 10-15 м халыҥнаах чоҕу хостоон таһаарабыт уонна тиэйэргэ бэлэмниибит. Бүгүҥҥү күҥҥэ суол хаайыан иннинэ ыраах сытар Түбэй, Бүлүүчээн, Хадан нэһилиэктэригэр чохпут тиийэн турар.
Юлия ЕГОРОВА