“Тэрилтэни дьон оҥорор диэн мин бигэ санаалаахпын. “Сунтарцеоликка” үлэлэригэр бэриниилээх, ыарахантан чаҕыйбат, кытаанах санаалаах дьон үлэлиир” , – диэн тэрилтэтин туһунан салайааччы Петр Попов кэпсээнин саҕалаата…
Быйыл Сунтаар улууһун соҕотох производственнай тэрилтэтэ – “Сунтарцеолит” ХЭТ тэриллибитэ 35 сылын бэлиэтиир. Түгэнинэн туһанан тэрилтэ салайааччытын Петр Поповтуун үлэлиир эбийиэктэригэр сырыттыбыт. Кини үлэһит дьону кытта кэпсэтэриттэн, сыһыаныттан көрдөххө ирдэбиллээх, кыһамньылаах, туруоруммут сыалын ситиһэр салайааччы быһыытынан көрдүм. Кэпсэтиибитин бастаан үлэ-хамнас туһунан саҕалаатыбыт…
– Биһиги үлэбититтэн улуус олоҕун- дьаһаҕын хааччыйыы быһаччы тутулуктаах. Ол иһин, үлэбитигэр бэриниилээхтик, ылсыбыт сорукпутун тиһэҕэр тиэрдэргэ, таһаарыылаахтык үлэлииргэ дьулуһабыт. Биһиги томороон тымныыттан толлубакка, өҥүрүк куйаастан иҥнибэккэ, сылы эргиччи быыстала суох үлэлиибит. Производственнай тэрилтэ буоларбыт быһыытынан үлэ араас көрүҥүн толоробут. Ол курдук, дьиэ тутуутугар ылсабыт, тутуу матырыйаалын, чуолаан, бетонтан блоктары, тиэйии-таһыы өҥөлөрүн оҥоробут. Тутууга саҥа матырыйаал көрүҥүн пеноцеолитынан блоктары оҥорон Устье нэһилиэгэр 3 этээстээх 30 кыбартыыралаах олорор дьиэни туттубут. Кылгастык пеноцеолит туһунан быһааран эттэххэ, тутууга туттуллар бетон блоктан уратыта диэн – итиини тутар хаачыстыбата улахан. Ол иһин, бу матырыйаалы инникитин даҕаны тутууга хамаҕатык туһаныахтара диэн эрэлбит улахан.
Сүрүн үлэбитинэн чох уонна цеолит хостооһуна буолар. Тэрилтэ тэриллиэҕиттэн чоҕу 5000 т саҕалаан билигин 50000 т тиийэ хостуур буоллубут. Цеолиты Саха сиригэр Сунтаарга эрэ хостуубут. Сылга 35000 т тиэрдэбит. Онтон чоҕу хостуурга 40 м сири хаһан киирэбит. Сунтаарга суох улахан, баараҕай техникэлэр үлэлииллэр. Тэрилтэ сүрүн сакаасчыттарынан “ОДьКХ” ГУТ уонна “Алроса” хампаанньа буолар.
“Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба” Сунтаардааҕы филиалын салайааччыта Михаил Петров:
– ”Сунтарцеолит” тэрилтэни кытта үлэлэспиппит 20-тэн тахса сыл буолла. Бу сыллар тухары бииргэ үлэлэһии дуогабарын кэһиитэ тахсыбата. Сыл аайы 36000 т чоххо дуогабардаһабыт. Тиэйии-таһыы өттүгэр кыһалҕаны үөскэппэттэр. Барытын ыйыллыбыт бириэмэтигэр, кэмигэр толороллор. Чох хаачыстыбата техническэй ирдэбилгэ эппиэттиир. Онон эрэбиллээх тэрилтэни кытта үлэлиибит.
Улам кэпсэтиибит ортотугар улахан уйуктаах техникэлэр турар автотракторнай пааркаларыгар кэллибит. Петр Попов лизинг нөҥүө ылбыт техникэлэрин көрдөрдө:
– Кэлиҥҥи сылларга техникэбитин саҥардыыга үлэлиибит. Ол курдук, аҥаардас быйыл улахан сири хаһан киирэр мегарыхлителлээх экскаватор, 3 тиэйэр-таһар самосвал, углевоз ыллыбыт. Бу улахан уйуктаах массыыналары барытын анал идэлээх дьон үлэлэтэр, сүүрдэр, көрөр-истэр. “Сунтарцеолит” тэрилтэҕэ биир да кэлии омук дьоно үлэлээбэт. Барыта олохтоох нэһилиэнньэ. Биһиги улууспут дьонун үлэлээх буолууларыгар наадыйбаппыт эбитэ буоллар, кэлии омуктары үлэлэтиэ этибит. Кинилэри үлэлэтэр чэпчэки, дөбөҥ. Ол иһин, Саха сиригэр производственнай тэрилтэлэр бу уопуту туһаналлар. Оттон биһиги бэйэбит олохтоох дьоммутун өйүүбүт, үлэнэн хааччыйабыт. Кинилэри дьоһун хамнастаан, туруктаах буолууларыгар кыһаллабыт. Бу биһиги тэрилтэбит сүрүн соруга буолар. Ону таһынан, Сунтаардааҕы технологическай колледжы кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиибит. Үлэһиттэрбит 50-60% бу үөрэх кыһатын бүтэрбит уолаттар. Онон биһиги тэрилтэбитигэр олохтоох каадырдар үлэлииллэр.
Сунтаардааҕы технологическай колледж салайааччыта Гаврил Михайлов:
– Сунтаардааҕы технологическай колледж “Сунтарцеолит” тэрилтэни сүрүн партнербут буолар. Биһиги үөрэхпит кыһатын оҕолоро автомеханик уонна машинист дорожно-строительных машин, электрик, сварщик салааларын устудьуоннара производственнай практикаларын “Сунтарцеоликка” ааһаллар. Үчүгэйэ диэн тэрилтэ устудьуоннары практика кэмигэр хамнастыыр. Оҕолорбут гаражка дуу, хонтуораҕа дуу олорон күннэрин-дьылларын бараабаттар. Тэрилтэҕэ мэлдьи үлэ баар буолан, ылбыт билиилэрин олоххо киллэрэн, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьаллар. Онтон салгыы үөрэхтэрин бүтэрэн тэрилтэ тутаах үлэһиттэринэн буолаллар. Онон икки өттүттэн хардарыта барыстаах үлэлиибит. Биһиги устудьуоннарбыт үөрэхтэрин бүтэрэн баран үлэнэн хааччыллаллар. Онтон “Сунтарцеолит” үрдүк бэлэмнээх үлэһиттэринэн туолар. Мин бэйэм 2012-2016 сылларга “Сунтарцеоликка” сүрүн инженерынан үлэлээбитим. Тэрилтэҕэ ылбыт производственнай уопутум, билиим билигин да миэхэ көмөлөһөр. Тэрилтэ үлэһит быһыытынан сайдарга элбэх кыаҕы биэрэр. Ол иһин, бу тэрилтэҕэ үлэлиир дьону ытыктыы көрөбүн. Кинилэр үлэһит быһыытынан элбэх билиилээхтэрин саарбахтаабаппын. Түгэнинэн туһанан биир бастыҥ социальнай партнербутун “Сунтарцеолит” ХЭТ үбүлүөйдээх сылларынан эҕэрдэлиибин. Ону тэҥэ, колледж материальнай-техническэй базабыт бөҕөргүүрүгэр, устудьуоннарбыт производственнай практикаларын туох да харгыһа суох аһардалларын иһин барҕа махталбытын тириэрдэбит.
“Сунтарцеолит” сүрүн үлэлиир сирэ Кэмпэндээйиттэн 7 км тэйиччи сытар. Манна үлэһиттэр үлэлиир, олорор дьиэлэрэ уонна улахан уйуктаах техникэлэр гараастара баар. Цеолиты Хоҥуруу хайатыгар хостууллар.
– Билигин улахан производственнай хампаанньалар “Алроса”, “Сургутнефтегаз” уопуттаах эрэ үлэһиттэри ылаллар. Биһиги тэрилтэбит маннык уопуту биэрэр. Ол эрэн, вахтовай үлэ көрүҥэ дьиэ кэргэннээх киһиэхэ ыарахан. Эр киһи дьиэ кэргэнин аттыгар баар буолуохтаах. Сорох учаастактарбытыгар нэдиэлэнэн солбуйсан үлэлииллэр. Сезон кэмигэр үлэһиттэр ыйга 200000 солк. тиийэ хамнас аахсаллар. Вахтаҕа үлэлии бардахтарына биир кэмҥэ эрэ хамнастаналлар. Онтон хас да ый хамнаһа суох олороллор. Биһиги тэрилтэбит сыл устата дьоммутун үлэлэтэбит. Ким үчүгэйдик үлэлиир ол хамнастаах буолар. Өр сылга биһиги тэрилтэбитигэр үлэлээбит дьон бу систиэмэбитин үчүгэйдик билэр. Ол иһин үлэлэриттэн барбаттар. Оскуола, училище кэнниттэн тэрилтэҕэ үлэлии кэлбит дьоммутунан киэн туттабыт. Холобура Андрей Пахомов 30-тан тахса сыл “Сунтарцеолит” тэрилтэҕэ үлэлээтэ. Кини курдук үлэттэн чаҕыйбат, тэрилтэҕэ бэриниилээх дьон тэрилтэни оҥорор. Эр дьон кэлэктиибигэр 33 сыл эҥкилэ суох буҕаалтырынан үлэлиир кэрэ аҥаардаахпыт, бу күннэргэ Светлана Ивановабыт 65 сааһын туолла.
“Сунтарцеоликка” мин бэйэм 2003 сылтан сүрүн инженерынан саҕалаан, 21-с сылбын бу тэрилтэҕэ үлэлиибин. Ол саҕана салайааччынан Евгений Ильич Иванов үлэлиирэ. Билигин үгүс дьон «үлэбититтэн сылайдыбыт, үлэҕэ интэриэһим сүттэ» диэн этэллэрин элбэхтик истэбин. Ол гынан баран, маннык көстүү биһиги тэрилтэҕэ суох. Ол үлэлээбэт дьон санаата дии саныыбын. Биһиги үлэбитигэр күннэтэ, тохтоло суох үлэ барар. Ол иһин үлэттэн салҕыбаккын, араас толкуй-санаа киирбэт. Эбиитин биһиги үлэбититтэн үлэһиттэр нус-хас олохторо, улуус сайдыыта тутулуктааҕыттан дуоһуйууну, астыныыны ылаҕын.
“Сунтарцеолит” тэрилтэ буҕаалтыра Светлана Иванова:
– Мин тэрилтэҕэ Михаил Афанасьевич Акимов салайааччынан үлэлиирин саҕана үлэҕэ киирбитим. Дойду историятын кэрчигэр киирбит 90-с ыарахан сыллары бу тэрилтэҕэ үлэлээн ааспытым. Ол кэмҥэ харчы диэн отой суох этэ. Оҥорор үлэбит төлөбүрэ кэлбэтин иһин үлэһиттэри күннээҕи аһынан хааччыйар туһуттан сүөһү, сибиинньэ, хаас ииппиппит. Сир ылан хортуоска олордорбут. Цеолиты мэлийэн Дьокуускай, Ньурба көтөр фабрикаларыгар атыылыыр этибит. Үүнээйигэ, сүөһүгэ сиэтэр туттуллар цеолиты эмиэ оҥорор этибит. Михаил Афанасьевич цеолиты тутуу матырыйаалыгар туһаныахха сөбүн үөрэтэн саҕалаабыта. Элбэх чинчийэр үлэни ыыппыта. Билигин санаатахха ыарахан кэмнэр ааспыттара. Үлэһит дьон тэрилтэ атаҕар турарыгар ис дууһабытыттан кыһаллар этибит. Ити кэмҥэ сүөһү ииппиппит. Үлэһиттэргэ идэһэнэн хамнас төлүүр этибит. Бэйэбит бэкээринэлээх буолан үлэһиттэр сибиэһэй килиэбинэн күннэтэ хааччыллаллара. Өссө биир кэмҥэ кырса ииппиппит. Ол кырсабыт хас да оҕоломмута. Үчүгэй үлэһиттэргэ күндү түүлээҕинэн бириэмийэлээн турардаахпыт. Билигин тэрилтэбит элбэх үлэһиттээх, үлэ араас көрүҥүн оҥоробут. Онон тэрилтэ инникилээх, сайдар кэскилэ киэҥ.
Мира АФАНАСЬЕВА