Тэрилтэ салайааччыларын бу нэдиэлэтээҕи планеркаларыттан

СӨ Бырабыыталыстыбатын икки бэрэссэдээтэлэ биһиги улууспутугар кэлэллэрэ күүтүллэр

Атырдьах ыйын 28 күнүгэр биһиги улууспутугар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников кэлэрэ былааннанар.

Дмитрий Дмитриевич бу рабочай сырыытыгар улууска национальнай бырайыактар чэрчилэринэн, ону сэргэ федеральнай, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бырагыраамаларынан тутулла турар эбийиэктэри көрүө-истиэ. Тутааччылары кытары үлэ-хамнас туһунан кэпсэтиэ.

Эмиэ бу күн Кириэстээххэ Соколинай Косаҕа хатыыс ыаматын ыытыы буолуоҕа. Бу тэрээһиҥҥэ СӨ бырабыыталыстыбытын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина кыттара күүтүллэр. Ону сэргэ СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн бэрэстэбиитэл кэлиэҕэ. Бу сырыыга Соколинайга 20 тыһ. устуука ыама кутар былааннаахтар.

Онон биир күн биһиги улууспутугар бырабыыталыстыбабыт икки бэрэссэдээтэлэ кэлэн үлэлиирэ эмиэ биир умнуллубат түгэн буолар.

СВО кыттыылаахтарын оҕолоругар босхо пуорма

Ол  курдук, оскуолаҕа кэтэр биир кэлим пуорма улуус маҕаһыыннарыгар атыыга бааллар. Билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар уонна бүтэн кэлбит биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэрин өйүүр, кинилэргэ көмөлөһөр сыаллаах, кинилэр оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоругар кэтэр пуормаларын босхо биэрэллэр. Маннык быһаарыыны улуус салалтата уонна үөрэҕирии управлениета ылыммыта.

«Пуорма атыылыыр маҕаһыыннарга СВО кыттыылаахтарын оҕолорун испииһэгэ бэриллибитэ, оттон онно туох эрэ биричиинэнэн ааттара көтөн хаалбыт оҕолоох ыаллар үөрэҕирии управлениетыгар кэлэн чуолкайдаһан испииһэккэ киириэхтэрин наада» диэн үөрэҕирии управлениетын начальнига Альберт Иванов иһитиннэрдэ. Манна эбии улуус баһылыга Анатолий Григорьев «бу улуус эрэ иһигэр үөрэнэр оҕолорго көрүллэр көмө. Ардыгар маны сыыһа, пуормабыт харчытын ылыахпыт этэ диэн атын улууска олорор, оскуолаҕа үөрэнэр оҕолордоох дьон биһиэхэ сибээскэ тахсаллар. Бу харчынан көмө буолбатаҕын үөрэҕирии управлениета дьоҥҥо өйдөнөр гына быһааран биэриҥ» диэн сорудахтаата.

Тумууну, кирииби утары быһыыны ыларгытын сүбэлииллэр

Күһүҥҥү күннээх эрээри курас салгыннаах күннэр чугаһаан иһэллэр. Күн көрөр сылааһыгар балыйтаран күһүҥҥү күннэргэ киһи элбэхтик албыннатар. Бу кэмнэргэ иммунитет тымныыга бэлэмэ суох буолан, кыра да үргүөргэ үрдэриэххэ, тымныйан ыалдьыахха сөп. Ол иһин бу кэмнэргэ тумуулааччы, сөтөллөөччү үксүүр. Оттон күһүҥҥү тумууттан, кирииптэн харыстанар биир ньыма – ыарыыны утары быһыы.

Улуустааҕы киин балыыһа иһитиннэрэринэн, күһүҥҥү вакцинация саҕаланна. Быһыы тумууну, кирииби утары  сэргэ дифтерияны утары эмиэ оҥоһулларын санатар. Улахан дьон АДС-М вакцинаны 10 сылга биирдэ ылыахтаах, онтон ревакцинация хайаан да ирдэнэр.

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше