Теннискэ, дартска, ытыыга күрэхтэһии ыытылынна

Бүгүн Сунтаарга «Партизан» НАТК балаҕаныгар теннис Федерациятын көҕүлээһининэн, тэрийиитинэн улууска  троеборье: теннис, ытыы, дарст көрүҥнэригэр аан бастакы күрэхтэһии ыытылынна. Манна 23 киһи кыттыыны ылла. Күрэхтэһии олус көхтөөхтүк барда, күрэхтэһээччилэр, тэрийээччилэр да олус астыннылар.

Күрэхтэһии көрүҥнэринэн ким күүстээх бэлэмнээх, ким кыахтаах кыайыылаах буолла. Ол курдук, дартска 1 миэстэни  Кутанаттан Розалия Иванова ылла. Оттон  ытыыга саамай кыраҕы харахтаах спортсменынан Сунтаартан Владимир Егоров буолла. Теннискэ Илимнииртэн Мичил Николаев барыларын кыайан, бастакы миэстэҕэ таҕыста. Кыайыылаахтар грамоталарынан бэлиэтэннэилэр уонна киирбит усунуос харчытыттан бириис быһыытынан туттулар.

Бүгүҥҥү күрэхтэһии кыайыылаах спортсменынан уопсай троеборье түмүгүнэн Мичил Николаев буолла. Кини теннис федерациятын бэрэссэдээтэлэ Владимир Егоров туруорбут 5 тыһ. солк. уу харчынан бириэмийэлэннэ.

 

«Сунтаар сонуннара» хаһыат

Читайте дальше